Бэс сутукатын аска туһаныахха

Агафья Тарасова, Ньурба

Өбүгэлэрбит араас оту, тиит, бэс сутукатын үрүҥ аска эбии буккуйан ас амтанын тупсараллара, иҥэмтэлээҕин билэн тутталлара. Бу үтүө үгэһи, биһиги, аныгы үйэ дьоно аспытыгар эмиэ кыралаан туһанабыт. Кыралыы да тутуму үрүҥ аска эбэн доруобуйабытын көрүнэрбит тоҕоостоох, төрүт аспыт эппитигэр-сииммитигэр түргэнник иҥэрэ чахчы.

Бэс сутукатын хатаран, бурдук оҥорон астанар буолбутум ыраатта. Бу  киһи уопсай туругун бөҕөргөтөр, тупсарар уратылаах. Сутуканы үүнэ турар мастан буолбакка охторуллубут мастан сибиэһэйдии субурутан ылан хатаран туттуллар. Чараас сиидэ таҥаска сытыаран күн устата хатарыллар. Хаппыт сутуканы аныгы үйэҕэ мээккэлиир судургу, холобура, блендерга ньыһыйтарыахха сөп. Оччотугар кини бурдук курдук буолан тахсар. Бэлэм сутуканы баанкаларга эбэтэр таҥастан тигиллибит мөһөөччүккэ сыл устата уура сылдьан туттуллар. Дьиэтээҕи температураҕа, сиигэ суох сиргэ хаһааныллар. Бэс сутукатын дьиҥэр, ханнык баҕарар кэмҥэ ылаллар эрээри, саас хастыыр ордук. Бу кэмҥэ сүмэһинэ күүстээх буолар.

 

Бэс сутукалаах сахалыы лэппиэскэ

Суорат эбэтэр үүт — 1 ыстакаан

Туус — быһа холоон

Сымыыт — 1 устуука

Бэс сутуката — 4 улахан ньуоска

1 суортаах бурдук (крупнозерновой) — тиэстэ кытаатыар диэри кутуллар.

Тиэстэни мэһийэн баран 15 мүнүүтэ сынньатабыт, тэнитэн духуопкаҕа саһарыар диэри буһарабыт. Таһааран баран ынах арыытынан сотон сымнатан, минньэтэн биэрэбит. Суоратынан оҥоһуллар буоллаҕына суодалаамыахха сөп, оттон үүтүнэн астаатахха барбах эрэ эбиэххэ сөп.

Бэс сутукалаах суорат

Суоракка көннөрү  мээккэлэммит сутуканы амсайан көрөн кутабыт, туруора түһэн баран иһэбит. Манна сибиэһэй сугун, отон, моонньоҕон таммалатан, кыратык саахар эбэн амтанын араастаан уларыта сылдьан иһиэххэ сөп.

 

Бэс сутуката — бэс мас хатырыгын иһигэр баар чараас судургутук хахтанан кэлэр эттик. Сибиэһэйигэр сымала сыттаах, бэс иннэтэ амтаннаах буолар.

Бэс эрэ буолбакка, тиит сутукатын эмиэ туһаналлар.

Бэлэмнээтэ Агафья Тарасова, Ньурба

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...