ОҔУРУОЧЧУТ СЫЛГА ҮС ЭРЭ ЫЙ СЫННЬАНАР ЭБИТ. ОЛУННЬУТТАН БУОРУН БЭЛЭМНЭЭН, ҮҮНЭЭЙИЛЭРИН ОЛОРДОН САҔАЛААБЫТЫНАН БАРАР. МИЧИЙЭ АРГУНОВА ЭМИЭ ОҔУРУОТУН СЫЫМАЙДААБЫТА ЫРААППЫТ.
Мичийэ Аргунова — Саха государственнай университетын Биолого-географическай факультетын биология салаатын бүтэрбит үрдүк үөрэхтээх оҕуруоччут. Иккис үөрэҕэ психолог буолан, билигин Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Хара нэһилиэгин спортивнай оскуолатыгар психологынан үлэлиир. Үгүс дьон кинини оҕуруоччутунан билэллэр. Мичийэ быйыл помидор 58 көрүҥүн олордор былааннаах.
— Оҕуруокка тапталы ийэлээх аҕам иҥэрбиттэрэ. Кыра эрдэхпиттэн дьоммун кытта тэҥҥэ бодьуустаһарым, улам уулаатан, улахан кылаастарга тахсан истэҕим аайы былдьаһан-тараһан бэйэм олордор, көрөр-харайар буолан барбытым. Арааһы үүннэрэргэ баҕам баһаам этэ. Ол курдук аһары «наһаалаары» гыннахпына, ийэм: «Бэйэҥ дьиэлэннэххинэ онно тугу да олордоор», — диэн арыый уҕарытара. Мин ол кэмтэн туспа дьиэлэнэрбин күүт да күүт.
Миэхэ тыаҕа олорор эбэтэр куоракка хаалар, уопсай эбэтэр чааһынай дьиэлэнэр туһунан ыйытыы турбатаҕа. Дьиэбитин туттан көһөн кэлээт, саас хаар уулла да илигинэ, бастатан туран, кыракый оһохтоох тэпилииссэ, онтон, халлаан сылыйыыта, кирээдэлэри оҥорбуппут. Дьэ, ол эрэ кэннэ, олбуор, күрүө-хаһаа баар буолбута.
Маннык санаатахха, саамай чугас киһим — кэргэним саҕалааһыммын барытын өйүүр буолан табыллан иһэр буоллаҕа. Оҕуруот үлэтэ түбүктээх, аҥардас оҕо-дьахтар кыайбат. Онон кэргэммэр Михаил Романовичка махталым улахан. Кини барытын өйөөн, наадатын кэмигэр оҥорон, баар гынан иһэрэ саамай улахан өйөбүл буолар. Билигин оҕолор улаатаннар бэйэбин кытта тэҥҥэ хамнанар буолан эрэллэрэ үөрдэр. Бэйэбиттэн тэйиэхтэригэр диэри, кэлин даҕаны, көмөлөһө туруохтара диэн эрэнэбин.
Мин өрүү эксперименниир идэлээхпин, саҥаттан-саҥаны олордон көрөбүн: дьэдьэнтэн саҕалаан, огурдыняҕа, киваноҕа, пенниноҕа тиийэ үүннэрбитим, үүннэрэбин даҕаны. Төрүкү айылҕаҕа чугаспын. Кэтээн көрөр идэм оҕо сааспыттан баар, онно олук уурбут дьонум — аймахтарым уонна учууталларым. Эмтээх отунан эмиэ кыралаан дьарыктанабын, оттору дьайыыларынан дьүөрэлээн чэй оҥостон иһэрбин сөбүлүүбүн.
Оҕуруот аһыттан саамай ордорор, сөбүлүүр үүнээйим — помидор. Эчи, кини арааһа элбэҕэ, дьүһүнэ эриэккэһэ, амтана минньигэһэ… Ааспыкка хас суол помидору олордоҕунуй диэн ыйыппыттарыгар, тутатына сатаан хоруйдаабатаҕым. Кэлин сыта-тура ааҕыммытым уопсайа 130 көрүҥ буолла. Сорохторун сылын аайы олордобун, сорохторун боруобалыыбын эрэ. Биһиги усулуобуйабытыгар барсыбат, эбэтэр аһары көрүүлээх, сороҕор амтанын ахсарбатахпына, ардыгар аһа аҕыйах буоллаҕына сыыйан иһэбин. Сыл ахсын син-биир 50-60 суорду ыһабын.
Оҕуруоттаах киһи хаачыстыбалаах буорга наадыйар, оттон оннук буору түргэнник чиэрбэлэр оҥороллор. Ол иһин чиэрбэлэрбитин иитээри, хойукка диэри помидор арааһын сиэрибит оһохтоох тэпэлииссэ туттубуппут.
Кэнники сылларга коллекционнай, араас эриэккэс помидордары олордуунан дьарыгыран эрэбин. Коллекциям сыллата уларыйар эрээри, амтанын, дьүһүнүн сөбүлээн өрүү олордор суортардаахпын: Черная груша, Сумасшедшие вишни Барри, Атомный виноград Бреда, Поцелуй герани, Ирландский ликер, Лимон Лиана, Нежность, Гигант лимонный, Банановые ноги желтые, Черная красавица, Нина, Орлиный клюв.
Маны таһынан аһаҕас халлааҥҥа сыллата үүннэрэр уларыппат суортардаахпын: Безрассадный, Взрыв, Грунтовый Грибовский, Груша красная, Детская сладость, Джина, Тст, Дубок, Непасынкующийся засолочный, Непасынкующийся красный, Непасынкующийся, Крупноплодный, Ранний 83, Розовый гигант, Сибирский скороспелый, Челнок, Томат яблонька России , Томат Ямал 200.
Теплицаҕа олорор классическай суортарынан буолаллар: белый налив, бычье сердце. Быйыл олордор суортарбын ситэри талан бүтэрэ иликпин, сороҕум айаннаан иһэр. Бүгүҥҥү күннээҕи туругунан 58 суорт испииһэккэ киирэн турар.
Оҕуруот, дьиэтээҕи уонна таһырдьааҥҥы сибэкки олордуута — мин хоббим буолар.Сырыы ахсын хоббибын кэҥэтэ, билиибин дириҥэтэ, сатабылбын сайыннара сатыыбын. Аныгы киһи сиэринэн билигиҥҥи кэмҥэ социальнай ситимҥэ сорох түмүктэрбин кэпсиибин, ону таһынан икки бырайыактаахпын: бастакыта – “Петуниялары сөбүлээччилэр” диэн кулууп тэрийбитим. Иккиһэ, дьүөгэбин кытта «Томатомания» диэн мегамарафон саҕалаатыбыт. Бу бырайыак кыттааччылара помидору сиэмэтиттэн саҕалаан хомуйуутугар, астааһыныгар тиийэ теорияны, практиканы дьүөрэлээн көрүөхтээхтэр-истиэхтээхтэр. Билиибитин хаҥатыахпыт турдаҕа.
Саас кэллэ. Оҕуруоччуттарга саамай күүтүүлээх, эппиэтинэстээх күннэрбит үүннүлэр. Үүнээйини олордуу саҕаланна. Барыгытыгар быйаҥнаах дьылы баҕарабын.
Мичийэ Аргунова сүбэлэрэ:
• Бэйэ эбэтэр атыылаһыы да сиэмэ буоллун, бастатан туран, хайаатар даҕаны хлоргексидин+перекись водорода, фитоспорин+марганцовка суурадаһыннарынан таҥастыахха (обработкалыахха) наада.
• Буору оргуйбутунан уунан, фитоспоринынан, триходерманан таҥастыыр ирдэнэр.
• Арассаада буора көпсөркөй, салгыны аһарымтыа, ууну иҥэринимтиэ буоларын ситиһэгэ перлит, вермикулит, кумах, липпэ (торф), эбии кутуохха сөп.
• Помидор арассаадата пикировканы, перевалканы олус сөбүлүүр.
• Эрдэ олордумаҥ.
• Арассаада олорор иһиттэрэ хайаатар даҕаны салгыны оонньотор хайаҕастардаах буолуохтаахтар.
• Сири булларарга ыксаамаҥ, хаһыҥ олоччу ааспыт сибикитин билэн баран олордор ордук.
Юлия ПЕСТРЯКОВА