Ааспыт сыл бастыҥнарын чиэстээтилэр

Тохсунньу 24 күнүгэр Юрий Гагарин аатынан култуура киинигэр, ааспыт Үлэ сылын түмүктүүр уонна саҥа үүммүт Оҕо-аймах сылын арыйар  үөрүүлээх тэрээһин буолан ааста. Манна ааспыт сылга ситиһиилээхтик үлэлээбит тэрилтэлэри, дьону наҕараадалаатылар.

Тэрээһини СР Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Михайлович Степанов арыйда:  “Убаастабыллаах бар дьонум, Ил Дархан уонна Бырабыыталыстыба аатыттан  бу үөрүүлээх күнүнэн итиитик-истиҥник  эҕэрдэлиирбин көҥүллээҥ. Ааспыт 2023  Үлэ сыла буолан  үгүс үлэ, элбэх тэрээһин ыытылынна. Оттон дойду үрдүнэн Педагог уонна настаабынньык сыла этэ. Үлэ сыла манан   түмүктэммэт. Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев  ааспыт сылга, бэйэлэрин идэлэригэр бастыҥ үлэлээх дьоҥҥо  300 тыһ солк суумалаах  50 бириэмийэни олохтообута.  Ол курдук,   бу саалаҕа  бастакы лауреаттарга  бириэмийэлэри  туттарбыта. Онно бу бириэмийэ сыл аайы туттарыллар буолуоҕа диэн  эппитэ.  Ааспыт сыл ахсынньытыгар    өрөспүүбүлүкэтээҕи клиническэй балыыһа  үлэһитэ Алквиад Иванович Иванов, доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрин бүтүн Арассыыйатааҕы куонкуруһугар,   “За преданность профессии” диэн номинацияҕа кыайбыта. Ону таһынан, икки күн  анараа өттүгэр дойдубут бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин  элбэх оҕолооох дьиэ кэргэни өйүүр миэрэлэр туһунан ыйаахха илии баттаабыта”, – диэн эттэ уонна  ааспыт Үлэ сылын ситиһиилээхтик ыыппыт  үлэ кэллэктииптэригэр, Үлэ уонна социальнай сайдыы министиэристибэтигэр,   тэрилтэлэргэ улахан махталын тиэртэ.

Салгыы муниципальнай оройуоннар,  куораттааҕы уокуруктар, тэрилтэлэр икки ардыларыгар  Үлэ сылын ыытыыга  өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус бастыҥнарын наҕараадалааһын буолла. Ол курдук,   муниципальнай оройуоннарга бастакы миэстэни Мииринэй (баһылык А.В. Басыров) ылла, иккис – Алдан оройуона (баһылык А.В. Шестопалов) уонна бочуоттаах үһүс миэстэни Амма улууһа ылла (баһылык С.Н. Кузьмин).

Оттон тэрилтэлэр икки ардыларыгар СР  ГАУ “Якутская офтальмологическая клиническая больница” (сүрүн быраас И.П. Луцкан) бастаата, иккис   СР ГАУ  М.Е. Николаев аатынан Национальнай мэдэссиинэ киинэ (дириэктэр С.Н. Жирков) буолла уонна үһүс миэстэни  “Якутский хлебокомбинат” акционернай уопсастыба (дириэктэр С.Т. Кынакытова) ылла.

Түмүккэ 2024 – Оҕо-аймах сылын бэлиэтин СР  Үөрэх уонна наука миниистиригэр Нюргуна  Афанасьевна Соколоваҕа,  оттон ааспыт 2023 – Үлэ сылын бэлиэтин СР Үлэ уонна социальнай сайдыы миниистиригэр Елена Александровна Волковаҕа туттардылар.

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Нартахова үрдүк анала

Саха дьахтар таҥаралаах дииллэринии, былыргы дьыллар мындааларыттан бу баччаҕа диэри саха дьахтарын тулуура, олоххо дьулуура, киэҥ эҥсиилээх сатабыллаах толкуйа, кытаанахтан чаҕыйбат хорсун санаата, нарын...

Балаҕантан – олох инники күөнүгэр

Национальнай ар­хыып пуондатыгар Саха сиригэр өрөбө­лүүссүйэ хамсааһы­ныгар, Сэбиэскэй бы­лааһы олохтооһуҥҥа көхтөөх кыттыыны ылбыт, холкуоста­ры тэрийсибит, таһаарыылаахтык үлэ­лээбит-хамсаабыт, итиэннэ эппиэттээх салайар үлэҕэ тахсы­быт тыа сирин...

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...