Саха ыалын ахсаанын элбэтиигэ, демография боппуруоһун быһаарыыга өрөспүүбүлүкэ таһымнаах «Кыталык» билсиһии кулууба улахан кылаатын киллэрэр.
Ханна да тиий, улуустар да кииннэригэр, нэһилиэктэргэ даҕаны, аҥаардас сылдьар киһи олус элбэх: эргэ тахсыбатах кыргыттар, ойох ылбатах уоланнар, огдообо хаалбыттар, арахсыбыттар. Дьэ маннык дьон аналларын булан, олохторун оҥостоллоругар көмөлөһөр сыалтан Дьокуускай куорат олохтооҕо Алексей Шеломов «Кыталык» билсиһии кулуубун тэрийэн үлэлээбитэ сүүрбэттэн тахса сыл буолла. Бу сыллар усталарыгар кини элбэх саха ыалын дьолун түстээтэ. Билсиһии киэһэлэригэр чөл олоҕу кытаанахтык тутуһуннарар, арыылаах алаадьынан, кымыһынан айах тутан көрсөр, истиҥ-иһирэх сахалыы эйгэни тэрийэр буолан, кэлбит дьон астынан, махтанан тарҕаһаллар, пааралар үөскээн, салгыы билсэн, ыал буолаллар.
Бу кэлэр нэдиэлэҕэ биир билсиһии киэһэтин тэрийэрин туһунан Алексей Шеломов маннык этэр:
– Ахсынньы 9 күнүгэр сулумах сылдьар, чөл олоҕу тутуһар 45-тан аҕа саастаах эр бэртэрин уонна кэрэ аҥаардары «Сүрэххитинэн сөбүлэһэн, хараххытынан хайҕаһан» диэн билсиһии дьоро киэһэтигэр ыҥырабыт.
Эһигини күүтэр: минньигэс астаах буфет, көрдөөх оонньуулар, сахалыы ырыанан бытаан үҥкүүлэр, 1980-с – 1990-с сыллардаах муусуканан ностальжи-дискэтиэкэ.
Кыттыыны ылаллар: Дьокуускайтан өрөспүүбүлүкэ таһымнаах «Кыталык, Чурапчыттан «Аартык», Тааттаттан «Эрэл» билсиһии кулууптара, Аҕалар түмсүүлэрэ, Дьахталлар түмсүүлэрэ.
Буолар сирэ: Ытык Күөл сэл., «Сарыал» сынньалаҥ киинэ, Мординов уулусса 23 №-э. Саҕаланар: киэһэ 6 чаастан. Киирии билиэт сыаната: 500 солк.
Ким интэриэһиргээбит маннык төлөпүөннэринэн билсиҥ: 8914 307-98-85 (Надежда), 8914 229-20-18 (Чурапчы).