Сахабыт сирэ кэмиттэн кэмигэр аан дойдуну соһутар дьикти арыйыылары бэлэхтиир. Ол курдук 1977 сыллаахха Халыма өрүс салаатыгар Киргилээх үрэххэ А. В. Логачев диэн киһи тыраахтарынан сири хорута сылдьан, бүүс — бүтүннүү хатан хаалбыт дьикти кыылы булбут. Ону, учуонайдар чинчийэн баран, 7-8 ыйдаах бадараан оборчотугар түһэн өлбүт сэлии кыылын оҕото диэбиттэр. Бу, 39 тыһыынча сыл анараа өттүгэр өлбүт мамонт оҕото 100 киилэ ыйааһыннаах, 58 см уһуннаах муруннаах. Сэдэх булууна Дима диэн ааттаабыттар. Дима билигин Санкт — Петербурга кыыллар түмэллэригэр турар. Маннык бүтүн сэлии кыыллара аан дойду үрдүнэн 37 эрэ бааллара биллэр. Олортон 19 — һа саха сиригэр булуллубут.