Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр “Мой бизнес” киин уонна “Женское движение Единой России” эрэгийиэннээҕи салаата, урбаанньыт кэрэ аҥаардарга аналлаах “Актуальные вопросы женского предпринимательства” диэн “төгүрүк остуолу” ыыттылар.
Тэрээһиҥҥэ ситэриилээх былаас эрэгийиэннээҕи уорганнарын бэрэстэбиитэллэрэ, уопсастыбаннай түмсүүлэр салайааччылара, урбаан араас эйгэтиттэн ситиһиилээх урбаанньыт дьахталлар кыттыыны ыллылар.
“Төгүрүк остуолу” “Мой бизнес” киин генеральнай дириэктэрэ Зоя Афанасьевна Седалищева иилээн-саҕалаан ыытта. Социальнай политика департаменын салайааччытын солбуйааччы Анастасия Степановна Никифорова урбаанньыттарга көрүллэр көмөлөр туһунан билиһиннэрдэ. Үөрэххэ департамент сүрүн специалиһа Туйара Николаевна Васильева, оскуола иннинээҕи үөрэхтээһин эйгэтигэр кыра уонна орто урбаан сайдыытын туһунан кэпсээтэ. Оттон тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр урбаанньыттарга көрүллэр өйөбүллэр туһунан тустаах департамент үлэһитэ Айал Иванович Тимофеев сырдатта.
Аныгы үйэ сиэринэн “төгүрүк остуолу” аһаҕас эфирынан улуустар эмиэ көрө олордулар. Ордук субсидиялар, нолуокка льготалар туһунан ыйытыктар киирдилэр.