Николай Рязанскай хомуһуннаах холусталара

Хайдах эрэ барыта тута та­быллан хаалла. Эрэдээктэрим  эрийэн: “Худуоһунньук Николай Рязанскай быыстапката буола турар, барыаҥ дуо?” — диэтэ. Мин дьиэбэр хаалыахтаах фо­тоаппаратым, дьолго, айанныы сылдьар массыынабар умнул­лубут буолан, тута “Сэргэлээх уоттара” култуура киинигэр ойутан тиийдим. Быыстапка бүтэһик күнэ эбит. Хартыынала­ры саҥардыы көрөн эрдэхпинэ худуоһунньук кэргэнинээн Ма­рия Филипповналыын соһуччу тиийэн кэллилэр. Үөрэ-көтө билсэн хартыыналары көрө-көрө кэпсэттибит.

— Николай Николаевич, хаһааҥҥыттан уруһуйдуугунуй?

— Оҕо эрдэхпиттэн сөбүлээн уруһуйдуурум, ол эрээри, үөрэҕим суох. Тустуунан дьарыктанарым, онон дьонум ахсыс кылаас кэннэ Чурапчытааҕы успуорт оскуолаҕа үөрэттэрэ ыыппыттара. Оччо­лорго Сулҕаччытааҕы оскуола аҕыс эрэ кылаастаах буолан, оннук гыннахтара. Ити гынан, тустан Олимп чыпчаалын дабай­батым, идэтийбит худуоһунньук даҕаны буолбатым.

Маһынан уһанарым: дьиэ малын оҥорорум, тутууга үлэлиирим, онтон иллэҥ кэммэр ойуулуурум. Хайдах бары­тын ситиһэрим буолла диэммин билигин сөҕө саныыбын. Кэлин, сотору-сотору оһоллонон, балыыһаҕа киирэр буолбу­тум: маска баттатан, дьиэ үрдүттэн су­уллан… Куһаҕан үчүгэйдээх дииллэри­нии, сытан эрэ араас санаалар киирэн, үчүгэй үлэлэр тахсыбыттара баар. Били­гин живопиһынан эрэ дьарыктанабын. Сөбүлүүр дьарыкпын идэ оҥостубутум сыл кэриҥэ буолла.

— Айылҕаттан бэриллибит дьоҕур диэн буоллаҕа дии.

— Оннук эрээри, ханнык баҕар дьоҕуру сайыннарбатаххына, чочуйбатах­хына улахан түмүк ситиһиллибэт буоллаҕа. Ордук тыа сиригэр олорор худуоһунньукка ыарахан дии саныыбын. Бэл, манна, киин сиргэ быыстапкаланар уустук. Ыраах сир­тэн холустаҕын төргүүлэнэн кэлэн туруорунар, биллэн туран, чэпчэкитэ суох. Ол туһунан аныгы кэм худуоһунньуга билиҥҥи кэмҥэ ханнык суолунан-ииһинэн сайдыахтааҕын туһунан төгүрүк остуолга санаабын этинним. «Үргэл» арт-галереяҕа. Үөрэҕэ суох айылгытынан айар ойууһуту идэтийбит худуоһунньуктар, сойуус салал­тата кэлэн көрөргүт, сэҥээрэргит, сүбэ- саргы биэрэргит буоллар диэммин.

— Хартыыналаргар тыа дьонун олоҕо, оҕо саас, ону тэҥэ бөлүһүөктүү көрүүлээх уруһуйдар бааллар диэн көрөбүн.

— Тиэмэлэрим кэмнээхтэр-кэрдиистээхтэр эбит. Эрдэ оҕолору, дэриэбинэ олоҕун ойуулуур буоллахпына, билигин дьону үйэтитии кэмэ кэллэ. Холобур, “Сайы­лыкка”, “Сылгыһыттар” хартыыналарбар барыта баар эбэтэр олорон ааспыт дьон ки­ирбиттэрэ. Билигин үлэһээччилэр үксүн ай­махтарын, эбэлэрин, эһэлэрин уобараһын оҥоттороллор. Бу эмиэ үйэтитии буоллаҕа.

— Иэйии, сылайыы диэн баар дуу?

— Оннук баар. Барытын өйгүнэн салай­баккын. Ханнык эрэ кэмҥэ, оҕо минньигэһи сиэн баҕарарын курдук, эмиэ тугу эрэ оҥоруоххун баҕаран кэлэҕин. Эбэтэр төттөрүтүн, эт-сиин өттүнэн олус сылай­дахпына, сынньаныахпын наада буолар. Сылайбыт киһиттэн үчүгэй хартыына тах­сыбат.

— Оттон табыллар, табыллыбат хар­тыыналар диэн бааллар дуо?

— Оннук эмиэ баар буолааччы. Хартыы­на тыыннаах курдук. Холобур, түргэнник табыллар эбэтэр төттөрүтүн эрэйдиир дьон баар буолаллар. Ону таһынан, омук уонна саха киһитин сирэйин быһыыта араастаһар. Саха киһитин сирэйигэр тугу толкуйдуура биллибэт, санаатын биллэрбэт, арыллыбат. Ол иһин саха киһитин уруһуйдуур уустук.

— Арыллыбаттар диэтиҥ дии. Ол аата эн киһини сирэйинэн көрөн майгытын-си­гилитин быһаараҕын дуо?

— Биир дьикти баар. Миэхэ арды­гар билэр дьонум уруһуйдатааччылар. Онуоха, уруһуйдуу олорбут киһим мэти­риэтэ үкчү буолан тахсыбатаҕына, хай­аатар даҕаны аймаҕар, оҕотугар эбэтэр  сиэнигэр майгылыыр буолар. Ити биир дьикти. Иккис дьикти, биирдэ ат үрдүгэр олорор эһэлэрин суруттарбыттара. Хан­нык баҕарар аты уруһуйдаа диэбиттэрэ. Үлэһээччилэрим хартыыналарын ыла кэлэн баран олус соһуйдулар. Эһэбит атын үкчү гына оҥорбуккун диэн үөрдүлэр-көттүлэр. Биирдэ кинигэ иллюстрациятын ойуулап­пыттара, онно кыыс эһэтинээн куустуһан туруохтаахтара. Кыыһы билэр буолам­мын бэйэтин оҥорбутум, оттон эһэтин, хаһан да көрбөтөх киһибин, өйбүттэн айан ойуулаатаҕым. Кыыс ойууну көрөөт даҕаны: “Эһэбин уруһуйдаабыккын дии,” — диэн үөрбүтэ, махтаммыта.

— Ол аата айылҕалаах эбиккин.

— Оннук дэммэппин даҕаны… Биирдэ, арай, айан суолугар дьоҥҥо олорсон утуйа- уһукта айаннаан истим. Таһырдьа хараҥа этэ. Эмискэ сырдыы түстэ уонна икки аан­ньал массыына түннүгүнэн өҥөс гыннылар. Мин олус соһуйбутум, дьиксиммитим. Ол көрбүппүн хартыынабар киллэрбитим.

— Өрөспүүбүлүкэ эрэ иһинэн буол­бакка, өссө үрдүк таһымҥа тахсыаххын баҕараҕын дуо?  

— Оннук санаа баар эрээри, туох да үүтү-хайаҕаһы билбэппин. Бүтэҥи төгүрүмтэ курдук. Саха Сиригэр талааннаах киһи олус элбэх. Ханнык даҕаны омукка он­нук суох. Ол эрэн, бэйэбит испитигэр буһа- хата сылдьабыт. Ханнык баҕарар хайысхаҕа суолта, болҕомто ууруллуохтаах. Оннук кэм кэлиэ диэн эрэнэбин.

Бу быыстапкаҕа Николай Николаевич Художественнай училищены бүтэрбит уран уус үөрэхтээх кыра уола Николай  Николаевич Рязанскай ERNIK_ART эмиэ үлэлэрэ турбуттар этэ. Уол харандааһынан уруһуйдара дьикти тыыннаахтара. Удьуор утумнуур дииллэрэ баар эбит.

Маны таһынан, Рязанскайдар дьиэ кэргэн биһиги сурунаалбытын кытта биир ситимнээх буолан биэрдилэр. Ийэ­лэрэ Екатерина Филипповна аан маҥнай ыытыллыбыт республикатааҕы «Далбар Хотун» күрэс кыттыылааҕа буолан хаалла. Соһуччу үөрүү.

Бу олоххо барыта дьикти. Хас биирдии түгэн төһөтө даҕаны таайыллыбакка кэлэн иһэр курдук эрээри, ким эрэ суоллаабыты­ныы табыллан хааларын сөҕөбүн. Рязан­скайдары кытта инникитин даҕаны өссө билсэрбит буолуо диэн сэрэйэбин уонна Николай Николаевичка сэргэх кэпсээнин иһин махтанабын.

 

Юлия ПЕСТРЯКОВА

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...