Мүөттээх ыҥырыаны иитии Арассыыйа тыатын хаһаайыстыбатыгар биир тутаах салаанан буолар. Ыҥырыаттан ылыллыбыт бородуукта – мүөт, маточнай үүт, перга, прополис о.д.а. киһи доруобуйатыгар туһалааҕын бары билэбит-көрөбүт. Маны таһынан, минньигэс амтаннаах мүөт дьиэтээҕи кулинарияҕа киэҥник туһаныллар. Дьиэ хаһаайкалара араас минньигэс астарга, үүт аска, сибиэһэй фрукталарга барытыгар сөбүлээн тутталлар. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр кэнники сылларга ыҥырыа иитиитинэн дьарыктаныы киэҥник тарҕанан иһэр. Ол курдук, Чурапчы улууһугар эмиэ хас да киһи интэриэһиргээн ыҥырыа иитэр буолла.
Мантан сиэттэрэн, сайыннары-кыһыннары дьарык оҥостон ыҥырыаны иитэр Дмитрий Дмитриевич Дьячковскайы билиһиннэриэхпин баҕарабын. Кини эйэҕэстик сөбүлэһэн, интэриэһиргиир ыйытыыларбар эппиэттээбитин сэргээн, сиһилии ааҕыҥ.
Дмитрий Дмитриевич, үтүө сарсыарданан! Бэйэҥ уонна дьиэ кэргэниҥ туһунан билиһиннэрэ түс эрэ.
– Дорообо! Биһиги дьиэ кэргэн Чурапчы улууһун Хоптоҕо нэһилиэгэр олоробут. Кэргэмминээн иккиэн И.Е. Федосеев-Доосо аатынан Дириҥнээҕи аграрнай хайысхалаах оскуолаҕа үлэлиибит. Кэргэним Клавдия Андреевна биология учууталынан, оттон мин дириэктэри хаһаайыстыбаннай чааска солбуйааччынан үлэлиибит. Үс оҕолоохпут, икки улахаттарбыт уоллаах кыыс номнуо улаатан, бэйэлэрин көрүнэр ыал буоллулар. Кыра уолбут Дьокуускай куоракка Мэдэссиинэ кэллиэһигэр медбыраат идэтигэр үөрэнэ сылдьар. Үөрэҕин таһынан өрөспүүбүлүкэтээҕи Мэдэссиинэ киинигэр үлэлиир.
Хаһааҥҥыттан ыҥырыа иитиитинэн дьарыктанаҕыный?
– Оскуолаҕа үлэлиэм иннинэ олорор нэһилиэкпэр баһылыгынан үлэлээбитим. Болдьоҕум бүппүтүн кэнниттэн убайым Евсей Софронович сүбэтинэн, салайыытынан ыҥырыа иитиитинэн дьарыгыран саҕалаабытым. Быйыл номнуо үһүс сыла буолла. Убайым бэйэтэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Майатааҕы оскуолаҕа үлэлии сылдьан, ыҥырыалары иитэн саҕалаабыта.
Хас уйаны иитэ сылдьаҕыный? Хантан атыылаһаҕыный?
– Уопсайа аҕыс уйа ыҥырыаны оттуур алааспар иитэ сылдьабын. Биһиги алааспыт дэриэбинэттэн 5 килэмиэтир тэйиччи сиргэ баар. Мүөттээх ыҥырыалары Башкирияттан Саха сиригэр аҕалан атыылыыллар. Быйыл биэс бөлөх ыҥырыаны сэттэлии тыһыынчаҕа атыыластым. Маны таһынан анал тиэхиньикэнэн, пуорманан дьаһаммытым. Уйалары убайбынаан бэйэбит тутабыт.
Бастакы сылгар туох уустуктары көрсүбүккүнүй?
– Бастакы икки сылга убайбынаан бииргэ кыттыһан ииппиппит. Онтон быйыл тус-туһунан иитэргэ былааннаатыбыт. Убайым тоҕус дьиэ кэргэн ыҥырыаны атыылаһан, Уорҕа учаастагар иитэн эрэр. Аан бастаан ыҥырыалары кыһыннары иитээри, уһаайбам иһигэр ыҥырыа кыстыыр дьиэтин туппуппут. Иккитэ манна кыстаабыттара. Кыһынын уоту элбэҕи сиир эбит. Маны тэҥэ дьиэ иһэ хортуоппуй харайыллар температуратын курдук буолуохтаах. Ол эбэтэр 5-8 кыраадыстан аллараа түһүө суохтаах. Температура эрэсиимин үчүгэйдик тутуһуохха эрэ наада. Бастакы сылбытыгар түөрт уйаны кыстаппыппыт. Үс уйата кыһыны туораабыта. Онтон былырыын сэттэни кыстаппыппытыттан, үһэ тахсыбыта. Быйыл ыҥырыаларбын эмиэ кыһыннары иитэр былааннаахпын.
Сайын устата төһө мүөтү ылаҕыный? Ороскуоккун сабынаҕын дуо?
– Быйыл сайыммыт уйгулаах-быйаҥнаах буолуох курдук. Алааска сибэкки өлгөмнүк үүннэ. Онон мүөтү элбэҕи биэрэригэр эрэнэбин. Былааннаабыппыт курдук буоллаҕына сабыныахтаахпыт. Соҕурууттан кэлэригэр алта араамкалаах сууга биир дьиэ кэргэн ыҥырыа баар буолар. Араамкалары уйа тутан, онно көһөрөҕүн. Араамкалардаах уйа дадан диэн ааттанар. Биир бөлөх ыҥырыа сайын устата 12 араамканы толорор. Толорон истэхтэрин аайы эбии саҥа араамка оҥорон, элбэтэн иһэҕин. Ыҥырыалары көрөр-истэр олус интэриэһинэй дьарык.
Ыҥырыаларгын эбии аһатаҕын дуо?
– Ыҥырыалар кучу от, дьөлүһүөн сибэккитин, ньээм от уонна да атын мүөттээх оттор, сибэккилэр симэһиннэрин, пыльцаларын иҥэринэллэр. Саас талах сибэккитэ тахсыытыттан саҕалаан симэһини хомуйбутунан бараллар. Саас эрдэ, мүөт хомуйуохтарын иннинэ, ыҥырыалар доруобуйаларын бөҕөргөтөн, тыһы ыҥырыа төрөөһүнүн үрдэтэргэ, хайаан даҕаны эбии аһатаҕын. Мин саахартан сироп оҥорон, уйаларыгар мүөтү мунньар араамкаларын үрдүгэр уурабын. Маны таһынан саҥа атыыласпыт ыҥырыалары уйаҕа көһөрөн баран, эмиэ эбии аһатаҕын.
Инникитин бу эйгэнэн урбаанньыт буолар санаа баар дуо?
– Саха сиригэр Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ саҥа саҕалаан эрэр фермердэргэ «Агростартап» өйөбүл грант ылыытыгар куоҥкурус ыытар. Бу куоҥкурус ирдэбиллэрин үөрэтэн, бырайыак оҥорон, күһүн кыттарга былаанныыбын. Онон инникитин өссө ыҥырыа атыылаһан, эбии кэҥэтэр сыалтан бааза туттар баҕа санаа баар. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит тыатын сиригэр бэйэ дьарыктаах буолуутугар ыҥырыа иитии биир саҥа көрүҥүнэн буолар. СӨ Ил Дархана Айсен Сергеевич ыйааҕынан, тыа хаһаайыстыбатыгар 2024 сылга диэри мүөт хомуйуута 20 туоннаҕа диэри үрдүүрүгэр сайдыы бырайыага ылыллыбыта. Манна урбаанньыт буолан, биһиги дьиэ кэргэн кылааппытын киллэриэхпитин баҕарабыт. Тыа сиригэр олорор дьоҥҥо-сэргэҕэ ыҥырыа иитиитэ сөптөөх, доруобуйаҕа туһалаах дьарык. Маны таһынан бэйэ айылҕатыгар үөскээбит натуральнай бородууктаны дэлэтэргэ ыҥырыа биир сүрүн салаа дии саныыбын. Чурапчыбыт алааһыгар үүммүт сибэккилэр симэһиннэриттэн оҥоһуллубут мүөт саамай минньигэс, иҥэмтиэлээх буоллаҕа.
Иллэҥ кэмҥин хайдах атаараҕыный?
– Иллэҥ кэммэр араас тиэхиньикэни хасыһарбын сөбүлүүбүн. Дьиэ кэргэнинэн сайынын оҕуруот көрөбүт-истэбит, айылҕаҕа тахсан сир астыыбыт, оттуубут. Ол эрээри, сүрүн дьарыкпыт ыҥырыа иитиитэ уонна сүөһү көрүүтэ буолар. Маны таһынан аграрнай хайысхалаах оскуолаҕа үлэлиир буолан, сайыҥҥы бириэмэҕэ ыҥырыа көрүүтүгэр үөрэнээччилэри ыҥыран, чинчийэр үлэлэри ыытабыт. Итини тэҥэ быйыл ыҥырыалары кэтээн көрөр санаалаахпыт. Ол эбэтэр, сарсыарда хас чаастан саҕалаан уйаларыттан тахсалларын, киэһэ хаска диэри мүөт хомуйалларын, түүҥҥү бириэмэҕэ актыыбынайдарын уонна да ити курдугу устан үөрэтиэхтээхпит.
Оҕолору кытта үлэҕитин сырдата түс эрэ.
– Кэргэним Клавдия Андреевна икки үөрэнээччигэ чинчийэр үлэлэригэр салайааччы буолар. Ол курдук, 8 кылаас үөрэнээччитэ Айаал Эверстов ыҥырыа сайдыыта тас эйгэни кытта тутулун кэтээн көрөр (Үлэтин аата: “Зависимость развития пчелы медоносной от температуры внешней среды в условиях Чурапчинского улуса»).Ыҥырыалары кыһыннары кэтээн көрөллөр. Ыҥырыалар айылҕа уларыйыытын билэллэр. Холобур, быйыл кыһын былырыыҥҥытааҕар сылаас буолан, муус устар саҥатыгар көхтөөх (активнай) буолбуттара, былырыын ыам ыйын саҥатыгар оннук этилэрэ. Айаал бу үлэтинэн “Инникигэ хардыы” улуустааҕы научнай-чинчийэр кэмпириэнсийэҕэ 3-с миэстэ, “Шаг в науку” өрөспүүбүлүкэтээҕи кэмпириэнсийэҕэ лауреат буолары ситистэ. Ыҥырыа мүөтүн таһынан, кини пергата, воската эмиэ туһалаахтар.
Ону таһынан өлбүт ыҥырыаны эмиэ туһаҕа таһаарыахха сөп. Бу туһунан ааҕан, үөрэтэн, чинчийэр үлэ ыыппыттара. Ол курдук, 11 кылаас үөрэнээччитэ Маша Корякина «Өлбүт ыҥырыа хатарыллыбыт этин-сиинин туттуу» (“Использование подмора пчел”) диэн үлэлээх. Ыҥырыа өлүгэ ордук күһүн элбиир. Кыстыкка киирэллэригэр үлэлээбэт атыыр ыҥырыалары (трутеннэри) үүртэлээн кэбиһэллэр. Тыһы ыҥырыа (матка) уонна үлэһит ыҥырыалар эрэ кыстыыллар. Ол трутеннэри хомуйан ылан, туһаҕа таһаарыыны толкуйдаабыттара. Кинилэр эттэрэ-сииннэрэ «хитин” диэн эттиктээхтэр. Мантан минеральнай эттиктэрдээхтэри ылан туһаныахха сөп эбит. Холобур, сүһүөх, хондроз ыарыыларыгар маас оҥорон туһаналлар.
Суурадаһынын ньирэй иһэ ыарыйдаҕына туһаныахха сөп эбит. Маша бу суурадаһыны химия учууталын Майя Васильевна Баинаны кытта боруобалаан ылан көрбүттэрэ. Инникитин бу саҥа арыйыыларынан патент ылыыга үлэлиир баҕа санаалаахтар. Маша бу дакылаатынан эрэгийиэннээҕи «Чугунов ааҕыытыгар” кыттан, 1-кы истиэпэннээх дипломунан наҕараадаламмыта. Маны тэҥэ “Мир науки и культуры” бүтүн Арассыыйатааҕы онлайн-куоҥкуруска кыттан, 3-с истиэннээх лауреат буолбута. Онон оҕолорбут ситиһиилэринэн киэн туттабыт.
Дмитрий Дмитриевич, ыйытыыларбар хоруйдаабыккар махтал! Иҥэмтиэлээх, сибиэһэй, бэйэҥ хомуйбут мүөтүҥ томороон тымныылаах уһун кыһыммытыгар бар дьонуҥ ыалдьыбакка, доруобайдык туоруулларыгар туһалыы турдун! Үлэҕитигэр-хамнаскытыгар ситиһиилэри, ылыммыт баҕа санааларгыт барыта туоларыгар баҕарабын.
Марфа ПЕТРОВА