Тылгын көрүн

Билигин олох дьулусханнык уларыйар кэ- мигэр оҕолор информацияны түргэнник ылы- нар, аан дойду үрдүнэн туох буола турарын билэр буоллулар. Маннык кэмҥэ оҕону олус бүөбэйдээбэккэ, ортотун хайдах тутар туһунан уйулҕа үөрэхтээҕэ Варвара Шамуратова кэпсиир. Кини иккис кууруска диэри быраас идэтигэр үөрэммит. 19 саастааҕар массыына саахалыгар түбэһэн оһоллонон өр кэмҥэ балыыһаҕа сыппыт.

Киһи маннык балаһыанньаҕа түбэстэҕинэ санааҕа ылларара ханна барыай, олох диэн тугуй, киһи олоҕо туохтан тутулуктааҕын, тас дьүһүн ис эйгэҕэ хайдах дьайарын туһунан үгүһү толкуйдаабытым. Элбэх араас санаалар киирэллэр этэ. Ону барытын ийэбин кытта үллэстибитим, ийэм барахсан миигин аралдьыйдын диэн үгүс кинигэни аҕалар этэ. Ону ааҕан бэйэбин сайыннарар буолбутум. Маннык ыарахан балаһыанньаҕа түбэспит дьоҥҥо чугас дьоно улахан күүс-көмө буолаллар эбит диэн санааҕа кэлбитим. Ол эрээри, бары тус олохтоохтор, мэлдьи эйигин кытта бииргэ буолар кыахтара суоҕун өйдөөбүтүм. Оччолорго уйулҕа үөрэхтээхтэрин туһунан кыралаан истэн эрэ билэр этим. Бу ыарахан кэмҥэ
психолог олус наадалаах эбит диэн толкуйга кэлбитим. Ол сытаммын, ийэбэр быраас буолбакка эрэ уйулҕа үөрэхтээҕэ буоларым, дьоҥҥо көмөлөһүөхпүн баҕарарарым туһунан эппитим. Билигин баҕам хоту сөбүлүүр үлэбинэн дьарыктанабын, дьоҥҥо санааларын сааһылыылларыгар көмөлөһөбүн».

ОҔОНУ ОСКУОЛАҔА БЭЛЭМНИИБИТ

Саҥа үөрэх дьыла саҕаланна. Үгүс дьиэ кэргэҥҥэ сарсыарда аайы үөрэнээччини уһугуннарыы «ыарахан» бырассыаһа саҕаланыа турдаҕа. Оҕо үөрэниэн баҕарбат буоллаҕына биричиинэтин билэр ирдэнэр. Маннык балаһыанньа үөскээтэҕинэ, төрөппүт хайаан да биричиинэтин билэ сатыахтаах. Онуоха анал үөрэхтээхтэр көмөлөрө наада. Уйулҕаҕа объективнай сыанабыл диэн термин баар. Ол аата оҕону туораттан көрөр киһини ааттыыллар. Бу киһинэн оскуола уйулҕа үөрэхтээҕэ буолуон сөп. Төрөппүт оҕотун көннөрү таптыыр, кини итэҕэстэрин, маннык быһыыламмытын төрүөтэ туоххатын сатаан сыыйан көрбөт буолуон сөп. Ол аата төрөппүт объективнэй сыанабыл сатаан биэрбэт. Көннөрү «үчүгэйдик үөрэн, маннык сыананы ылыахтааххын, оҥоро үөрэн» диэн күннээҕигэ туттар тылларынан эппитэ оҕоҕо ылынымтыата суох буолар. Оҕону бастакы кылааска бэлэмнээх киллэрэр ирдэнэр, чуолаан уйулҕа өттүнэн (биһиги үксүн билии эрэ өттүгэр болҕомтобутун уурабыт). Ааҕар, суруйар буолла да оскуолаҕа ыытабыт. Ол гынан баран, үөрэххэ улахан оруолу болҕомто, толкуй диэн бырассыастар оонньууллар. Оскуолаҕа киирэр оҕо бэйэтин кыана туттунар, баҕа санаатын аһаҕастык этэр буолуохтаах. Аныгы кэмҥэ оҕо аралдьыйара олус элбээтэ. Бу маны эмиэ оскуолаҕа киириэн инниттэн хонтуруоллаан, гаджеты туһанарыгар анал бириэмэ анаан дуогабардаһа үөрэтин. Ыһыытаабакка-хаһыытаабакка чуумпутук, оҕо оннугар дьиэҕэ үлэни толорбокко үөрэнээччи бэйэтэ оҥорор буоларыгар үөрэтэр ордук, оччоҕуна оскуола бырагыраамматын кыайар кыахтаах. Сорох оҕо кылааһынньыктарын кытта уопсай тыл булбат, куруук соҕотох сылдьар буолар. Маннык түгэҥҥэ киниэхэ доҕор-атас көрдөөмө, баҕар кини соҕотох сылдьарын ордороро буолуо. Оннук эмиэ буолуон сөп. Манна эмиэ бастатан туран биричиинэтин билиэххэ наада. Бастатан туран, бэйэтин соҕотох хайдах сананарын билиэххэ наада.  Баҕар кини маннык сылдьарын сөбүлүүрэ буолуо. Биир, икки киһини кытта алтыһар, уонна соҕотох сылдьарын ордорор буоллаҕына мэһэйдэһэр сатаммат. Кини эйгэтигэр, ис туругар үчүгэй, оннукка ким да, туох да көмөтө наадата суох. Арай оҕо баҕарбытын да үрдүнэн атын оҕолору кытта кыайан алтыспат буоллаҕына кэккэ биричиинэлэр бааллар, холобур: ыал соҕотох оҕото, мэлдьи улахан дьону кытта сылдьар, эбэтэр атын кылааска көһөн адаптациятын кыайан барбатах буолуон сөп. Ол иһин бастакы кылааска адаптация диэҥҥэ болҕомто ууруллуохтаах. Аны туран, кэнники кэмҥэ виртуальнай доҕоттор диэн  үксээтилэр, маннык олоҕунан олорор оҕо эмиэ дьонтон тэйиччи буолуон сөп.

ДЬОЛЛООХ КИҺИ ДИЭН КИМИЙ?

Дьоллоох киһи диэн бэйэтин булбут киһини ааттыыбын. Онтон оҕо бэйэтин буларыгар төрөппүт сүҥкэн оруоллаах. Оҕо бэйэтин буларыгар интэриэһин учуоттуохха наада. Хас биирдии киһи туох эрэ ситиһиилээх буоллаҕына сыал-сорук үөскүүр. Ол иһин оҕону кыра эрдэҕиттэн бэлэмниэххэ наада, олус элбэх куруһуокка сырытыннаран буолбатах, оҕо туохха талааннааҕын көрөн. Кытыннаран, хайҕаан, төрөппүт наһаа сыҥалаабакка эрэ оҕо ситиһиитигэр үөрэр буоллаҕына, оҕо онтон күүс ылар. Аны ити проф ориентация курстара чахчы көмөлөһөллөр. Холобур төрөппүт оҕото туохха талааннааҕын билбэт буоллаҕына тест оҥотторон көрүөн сөп, ханнык эмэ курстары ааһыан сөп профориентацияҕа
сылдьан. Үгүс төрөппүттэр бэйэтэ оҕо сылдьан ким буолуон баҕарбытын оҕотугар сыҥалыыр. Холобур, төрөппүт оҕо сылдьан быраас, юрист буолуон баҕарбыта табыллыбатах буоллаҕына, оҕотугар хайаан да быраас буол диир. Бу сыыһа ньыма. Хас биирдии оҕоҕо таларыгар көмөлөһүөххэ наада. Ситиһии, харчы киһи сөбүлүүр идэтиттэн тахсар. Онон оҕо сөпкө тайанарыгар көмөлөһүн.

ОҔО ДОҔОРО

Оҕо кимниин алтыһарын, доҕордоһорун бобор, хааччахтыыр төрөппүттэр бааллар. Бу олох сыыһа. Сөптөөхтүк уонна тапталга иитиллибит оҕо дьону сыымайдыы үөрэнэр,
бэйэтин тула үтүө дьону түмэр. Дьиэҕэ-уокка оҕоҕо үчүгэйдик сыһыаннаһар, дьиэ кэргэҥҥэ этиһии, мөккүөр суох, төрөппүт бэйэ-бэйэтин убаастыыр буоллаҕына, оҕо хаһан даҕаны куһаҕан эйгэлээх дьону кытта бодоруспат. Оҕо улаатар, бэйэтин көрдүүр кэмигэр дьиэҕэ мөккүөр баар буоллаҕына, көрдөрүнньүк оҥорон араас хампаанньаҕа киирэн биэрэр. Ол аата, бастатан туран оҕо сөптөөх табаарыстары, доҕоттору, эйгэтин оҥосторугар төрөппүт дьиэ кэргэнигэр уу-нуурал олоҕу үөскэтиэхтээх. Оҕо төрөппүттэринэн олорор, улаатан да бараммыт төрөппүттэрбититтэн ылыммыт үөрэхпитин ыһыктыбаппыт. Хаһан даҕаны ким-кими кытта доҕордоһорун бопсуо суохтааххын. Сөпкө иитиллибит оҕо ханнык баҕар киһини кытта уопсай тыл булар уонна сыымайдыы үөрэнэр.

ОҔОНУ ТАПТЫАХТААХПЫТ, ХАЙҔЫАХТААХПЫТ

Тапталга бигэнэн улааппыт оҕо эйгэлээх уонна махталлаах буолар. Оҕону ис-искиттэн хайҕыахтааххын. Уонна ол үчүгэйин хаһан, хайдах оҥорбутун биһиги төрөппүттэр көрө үөрэниэхтээхпит. Холобура, кыра сылдьан оҕо төрөппүттэрин олус таптыыр, дьонугар ону-маны уруһуйдаан бэлэхтиир. Бу кэми мүччү тутумуохха наада. Уонна үс мүнүүтэ быраабылата диэн тиэрмин баар. Холобура, оҕо оскуолаттан кэллэ, оччоҕуна төрөппүт ис дууһатыттан үөрэ-көтө көрсүөхтээх. Кини ханна эрэ ыраах баран кэлбитин курдук
үөрүөхтээххит, истиҥник кэпсэтиэхтээххит. Бу кэмҥэ оҕону хайдах таптыыргытын, күүскэ ахтыбыккыт туһунан кэпсиэххитин сөп. Хас биирдии төрөппүт санаатын этэ
үөрэниэхтээх. Биһиги сахалар айылҕабыт курдук олус тоҥуйбут. Билигин улаатан эрэр оҕолор интернет ситимэ баар буолан атын соҕус менталитеттаах дьон буола улаатан
эрэллэр. Кинилэр киһини наһаа билэллэр, киһи саҥатыгар болҕомто уурар. Ол иһин төрөппүттэр биһиги эмиэ аһаҕас, эйэҕэс буоларга үөрэтиниэхтээхпит. Оннук эйгэҕэ
улааппыт оҕо ситиһиилээх, таһаарыылаах буолар. Сорох төрөппүт, оҕо ортотук үөрэнэр буоллаҕына, “үөрэххэ киириэн суоҕа, хата төттөрүтүн төрөппүттэргэр илии-атах буолуон” диэн дьээбэлээн быһа саҥарар. Киһи тыла – ох, ону умнумаҥ.

ОҔОҔО ТӨРӨППҮТЭ АВТОРИТЕТ

Оннук дьээбэлээн улаатыннарбыт оҕолоро бэйэтэ эмиэ оннук киһи буола улаатар. Оҕону убаастыахтаахпыт уонна хаһан да быһа саҥарыа суохтаахпыт. Киһи тыла – ох. Биллэн туран, кини ис туругун, хаачыстыбатын таарыйбакка эрэ оонньоһуохха, дьээбэлэһиэххэ сөп. Төттөрүтүн оҥорор, дьон тылын истибэт оҕо лидер хаачыстыбалаах буолуон сөп.
Бу уһулуччу лидер оҕо буолуон, эбэтэр улаханнык өһүргэнэ сылдьар буолуон эмиэ сөп. Бу эмиэ дьиэ кэргэнтэн тахсар, бэйэни сыаналаныы боппуруоһа. Уопсайынан бэйэни намыһахтык сыаналааһынтан элбэх кыһалҕа тахсар. Ол иһин оҕону мээнэ мөҕүө, саҥарыа, кини итэҕэстэрин көрүө, ыйыа суохтааххыт.

ЧЭНЧИС ОҔО

Оҕо хоһун хомунарыгар модьуйар сыыһа. Бу бырассыас эмиэ мээнэҕэ буолбатах эбит. Иһэ-истээх, суолталаах эбит. Оҕону икки игин сааһыттан хоһун хомуйа үөрэтиэххэ наада. Оннук улааппыт оҕо хайдах да ыһыллаҕас буолбат. Улаатар сааһыгар ыһыллыахтарын, тоҕуллуохтарын сөп. Ол аата кинилэр бэйэлэрин тулалыыр эйгэттэн харыстыыллар, ол аата бу оҕо тулалыыр эйгэҕэ эрэммэт. Бу олус дириҥ ис хоһоонноох философия. Ол иһин төрөппүттэр оҕолорун хайаан да туспа хостуохтаахтар уонна бэрээдэги олус ирдиэ
суохтаахтар. Көннөрү хоскун хомун диэн этиэххэ сөп. Биһиги оҕону кытта сатаан кэпсэппэппит. Холобур ити улаатан эрэр оҕону кытта киһи сэрэнэн кэпсэтиэхтээх, баһаалыста диэн тылы туһанаргытын умнумаҥ. Тоҕо диэтэххэ, оҕо хайаан да сууйуохтаах, сотуохтаах диэн буолбатах, ити кини эбээһинэһэ буолбатах. Кини оннук кыратыттан эрэ ирдиир буоллахтарына оҥоруон сөп. Онтон эн билигин улааттын, ол иһин сууйаҕын, сотоҕун диэн сыыһа. Эбэтэр иккиэн оҥоруохха, иккиэн гыныахха дииллэр. Сорох төрөппүттэр
оҥотторон баран биирдэ тэйэллэр. Бу аата улаатан эрэр оҕо кыраныыссатын туруорар кэмэ. Холобурдаан эттэххэ,бу мин бас билэр сирим, баҕарбыппынан сылдьабын диир. Онон булгуччу ирдиир соччото суох. Биһиги көлүөнэ сатаан суох диэбэппит. Үлэни биэрэр буоллахтарына, чааспыт таһынан ылан үлэлиибит. Дьоҥҥо үчүгэй буолуохтаахпыт диэн санаалаахпыт. Аныгы оҕолор оннук буолбатахтар. Быһаччы суох дииллэр. Ол суох дииллэригэр хосторун ыһаллара хайыыллара көрдөрүнньүк буолар. Бу өрүт эмиэ үчүгэйдээх. Оҕо ол аата сатаан суох диир, санаатын этинэ улаатар. Бу курдук кэккэ «быраабылалары» тутуһан төрөппүт уонна оҕо сыһыаныгар иллээх-эйэлээх олоҕу олохтуохха сөп. Оҕо төрөппүт күлүгэ!

 

Киһи ыгылыйдаҕына, ыксаатаҕына сыыһа-халты саҥарара ханна барыай? Ол гынан баран, сыыһа этиллибит тыл оҕоҕо инникитин мэһэй буолуон сөп. Ханнык тыл инникитин туохха, хайдах дьайыан сөбүн туһунан аллараа аах. Оҕо иитиитигэр бу тыллары туттума.

«Ытаама, уолгун дии!». Оҕо барыта ытыыр. Бу реакция оҕо хомойбутун, ыалдьыбытын, санаата түспүтүн уо.д.а. биричиинэ туоһутунан буолар. Най гыннар, төрөппүт болҕомтотун тардаары ытыан сөп. Маннык хабааннаах этиини туһанан, оҕо санаатын аһаҕастык этэрин бобобут. Иһирдьэ, дириҥ сиргэ кистиибит.

«Сүүрүмэ, охтон түһүөҥ». Оҕоҕо хайаама, тугу эрэ гыныма диэн бобор сөбө суох. Ону таһынан, бырагырааммалыыр ончу сыыһа. Ол оннугар, «болҕомтолоох буол», «маннык гыныаххын сөп» уо.д.а. диэн тыллары туттуоххун сөп.

«Аскын бүтэрэ иликкинэ остуолтан турбаккын». Куруук төһөнү уонна тугу аһыырын хааччахтаатахха оҕо аска сыһыанын олохтууругар мэһэйдиэххин сөп. Оччоҕуна ис уоргана тугу баҕарарын истибэт киһи буола улаатар.

«Итинник гынар буоллаххына, мин эйигин таптаабаппын». Ама, туохтан эрэ сылтаан оҕону таптаабат буолуохпут дуо? Оонньуу курдук эппит тылын оҕо өйүгэр-санаатыгар букатыннаахтык олорон хаалар. Оҕо эн тапталгын ылаары бэйэтин баҕатын, ирдэбилин утары барар.

«Ити оҕону көр, олус бэрээдэктээх. Онтон эн хайдаххыный?». Оҕону үксүн билиҥҥи эбээлэр, эһээлэр көлүөнэлэрэ тэҥниир идэлээхтэр. Бу тылынан оҕо быһыытын сыаналаабаппытын көрдөрөбүт. Инникитин бу оҕо бэйэтигэр эрэлэ суох киһи буола улаатыан сөп.

«Мин эн сааскар сылдьан». Оҕо бу тылтан бэйэтин итэҕэстик сананыан сөп. Төрөппүттэрин түһэн биэрэ сылдьар курдук ылынар. Киһи-киһи араастык сайдар. Холобур, эн кини сааһыгар бэлэсипиэти үчүгэйдик тэбэр буоллаххына, оҕон бэртээхэйдик уруһуйдуур буолуон сөп. Тэҥнээһин оннугар кыра да ситиһиилэрин хайҕаа, өйөө.

«Бэрээдэгэ суох буоллаххына дьоҥҥо/полицияҕа биэриэхпит». Бу туолбат, сымыйа этии. Хаһан эмитэ оҕо бу сымыйа эрэннэрии буоларын өйдүүр уонна улахан киһи тыла күүһэ суох диэн саныыр.

«Эн сатыан суоҕа, мин бэйэм гыныам». Саамай үчүгэй уопуту киһи бэйэтэ, туора киһи көмөтө суох, этинэн-хаанынан биллэҕинэ ылар. Ону таһынан, оҕоҕо улахан киһи эрэнэрэ улахан суолталаах. Оҕо оннугар тугу эрэ гынартан туттун.

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...