“Мааны мандар”
диэн ааттаах айар куттаах саха дьахталларын түмсүүтэ аҕыйах ыйынан тэриллибитэ 5 сылын бэлиэтээри бэлэмнэнэр. Ити кылгас кэм иһигэр түмсүү киэн тутта кэпсиир ситиһиилэрдэммит. Онуоха “Мааны мандар” икки кынаттара буолбут кыыс хотуттар: түмсүүнү тэрийээччи “Арчы Дьиэтин” уус-уран салайааччыта Любовь Радиковна Константинова – Кыталы Куо уонна уһуйаан иистэнньэҥ Туйаара Иннокентьевна Александрова биир санаанан куолаан үлэлээбиттэрэ көстөр. Түмсүү кыттыылаахтара биир бэтилиэккэ чыпчылыйыах түгэнэ элэс гынан ааспытыттан олус диэн соһуйа ахтыстылар. Онон, чахчыта да, кыбытыылаах аттааһык кэпсэтии таҕыста.
“Мааны” буолуо ини, “мандар” буолуо ини, икки тэҥ суолталаах тылынан хантан ылан ааттанныгыт?
Туйаара: – Оҕордук наһаа мааныларбыт (күлэр). Уус Алдан Чараҥын эстетикэ хайысхалаах оскуолатыгар үөрэнэр кэммэр “Маанылаах мандарым” диэн күрэхтэһии буолбута. Аныгылыы саха таҥаһыгар. Онно маҥан кырса саҕалаах сахалыы хабааннаах халлаан күөх киэһээҥҥи былааччыйа тиктэммин кыттыбытым. Курун оҕуруонан уонна илин кэбиһэр тиһиликтэрин курдук кэрчиктэри маҥан муостан кырыйан киэргэппитим. Бастааммын хурустаал иһит бэлэх туппутум. Онтон ыла “мааны мандар” диэн тыл өйбөр хатанан хаалбыт. Уонна, хайа, Өксөкүлээх Өлөксөй “Кырасыабай кыыс” диэн хоһоонугар “Аан ийэ дайды Маанылаах мандара диэн Маннык аата буолар эбит!…” диэн тыллардаах дии!
2017 сылтан тэриллэн үлэлиибит. Бу Кыталы Куо бырайыага. Любовь Радиковна биһиэхэ иэйиибит курдук, көҕүлээччи, санаа салҕааччы, оттон мин салайааччыбын. «Арчы Дьиэтигэр» түмсэн иистэнэбит. Бастаан бэйэбитигэр былааччыйа тиктибиппит. Күннээҕигэ кэтэр сахалыы таҥаһы киэҥ эйгэҕэ сэргэтээри. Онтон сайдаммыт сон курдук улаханы иистэнэр буоллубут.
– Ханыылаһар, дьүөгэлии да курдук дьон эбиккит. Хайдах булустугут?
Кыталы Куо: – “Арчы Дьиэтигэр” үлэҕэ киирэрбэр ииһи сэҥээрээччилэргэ куруһуок суох этэ. Мин дьоҥҥо-сэргэҕэ Кыталы Куо диэн аатынан биллэбин. Оҕо эрдэхпиттэн ыллыыр-туойар эйгэлээхпин. Саха эстрадатын тыйаатырыгар артыыстыы сылдьыбытым. Юрий Платонов үөрэнээччитэбин. Таҥаспын үксүн кэриэтэ бэйэм тиктээччибин. Быйылгы Туймаада ыһыаҕар ыытыллыбыт “Саха мааны таҥаһа” Бүтүн өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэскэ кыттан 3-с миэстэни ылан, иистэнэр массыынанан манньаланным. Онон Туйаараны сыанаҕа кэтэр таҥаспар сүбэлэтээри-амалатаары, оһуор түһэттэрээри көрсүбүтүм. Инстаграм ситимиттэн сыымайдаан-сыымайдаан буламмын. Сахалыы таҥаһы кэтэрбин сөбүлүүбүн. Күннээҕи да таҥаспар сахалыы киллэһиктээх буолааччы. Оннук имиджтээхпин. Туйаара тута көрдө: “Бу оһуору хантан ыллыҥ? Ээ, наһаа үчүгэй
дии!” – диэтэ.
Туйаара: – “Арчы Дьиэтигэр” үлэлиигин дуо? Мин кинигэм тахсаары турар. Бу былааччыйа хаһан бүтүөхтээҕий?” – диэн ыйыта охсубутум.
Кыталы Куо: – Хомойуох иһин, ол таҥас уһаан-кэҥээн бүппэтэҕэ. Онон Туйаара альбомугар киирбэккэ хаалбыта да буоллар, кинигэтин биһирэмин “Арчыга” алгыс үрдүнэн тэрийбиппит. Эҥин моделларын аҕалан көрдөттөөбүтэ. Онно санаа киирбитэ: эдэр дьоҕурдаах иистэнньэҥ бар дьону кытта үлэлэһиэ эбит ээ диэммин.
Туйаара: – Ол “Түүлээххэ сууланан” диэн “Бичиккэ” таһааттарбыт альбомум сүрэхтэниитэ этэ. Кыталы: “Эн биһиэхэ “Арчы Дьиэтигэр” кэл, манна иис түмсүүтүн тэрий. Күннээҕи олоххо сахалыы таҥаһы кэтэри сэҥээрт уонна үгэс буолбут таҥастарга дьону үөрэт”, – диэбитигэр, үөрүүнэн сөбүлэспитим. Урут да сүһэн ылыы уруоктарын (маастар кылаастар) ыытар этим уонна идэбинэн учууталбын. Хамнастаах үлэһит да буолбатарбын, “Арчы Дьиэтигэр” үлэлиирим миэхэ олус суолталаах. Саха ииһин тарҕатар баҕалаах буоламмын бэйэм күүспүн-кыахпын таһаарынабын, олоххо миэстэбин булуннум дии саныыбын.
Бу 5 сыл устата тарбаххытыгар бүк баттыыр ханнык-туох ситиһиилэннигит?
Туйаара: – 2020 с. Питергэ бараммыт “Үгэһи харыстаан” (“Сохраняем традиции”) диэн Аан дойдутааҕы күрэхтэһиигэ кыттан бастакы степэннээх лауреат буоллубут. Гран при бириэмийэ суоҕа. Ити биһи күрэхтэһии диэҥҥэ аан бастааҥҥы кыттааһыммыт, холонуубут буолар. Ону Санкт-Петербуртан саҕалаатыбыт. 7 буолан бара сырыттыбыт. Отон курдук тононон. Дьаҥсык ыарыы саҕаланыыта этэ. Онон бэйэбитин олох дьоруойдар курдук сананабыт. Кыл-мүччү баран Саха сирин чиэстээхтик көрдөрөн кэллэхпит дии.
Кыталы Куо: – Тас дойду сабыллан, дьиҥ омук сирдэриттэн кыайан кэлбэтэхтэр этэ. Казахстантан, Азербайджантан, о.д.а. урукку сойуустаахтарбыт, Осетияттан, Дагестантан, Пермь цыганнара бааллара. Онно биир тэрээһининэн муҥурдаммакка, Санкт-Петербурдааҕы Норуоттар Дьиэлэрэ тэрийэн ыыппыт киэргэтиилээх мандар ускуустуба III Быыстапкатыгар кыттан Махтал суругунан бэлиэтэммиппит.
Туйаара: – Дьон-сэргэ сүрдээҕин диэн сэҥээрбитэ. Атыылаһаары баҕа бөҕөлөрө этэ. Ону биһиэнэ үксэ илии ииһэ буолан элбэх сыраттан тахсыбыт, наһаа үлэлээх, сорох малларбыт сыаната биллибэт күндү уонна соҕотох буолан, атыылыыр санаабыт да суоҕа. Уонна киһи бастакы үлэтин наһаа сыаналыыр эбит.
Дьэ, доҕор! Ырааҕынан ыырдаммыт иис хотуттар эбиккит дии! Аан дойдуттан саҕалаан Сахаҕыт сиригэр хаһан аат ааттаттыгыт?
Туйаара: – Быйылгы Олоҥхо ыһыаҕар Өлүөхүмэҕэ баран күүспүтүн холоннубут. Иискэ күрэхтэһии икки көрүҥҥэ арахсар: “Өбүгэттэн кэлбит үгэс буолбут таҥас” уонна “Аныгылыы сахалыы таҥас” диэҥҥэ. Биһиги иккиэннэригэр кыттынныбыт эрээри, аныгылыыга сүрдээх сыралаах, илиинэн тигиллэр кыбытык тигиинэн бастаатыбыт. Дьаҥсык ыарыыттан сылтаан ыһыахха үһүө эрэ буолан баран кэллибит. Таҥастарбытын анараа баар кыргыттарга кэтэрдибиппит. Таарыччы «Арчы Дьиэтин» аатыттан быыстапкаҕа
кыттыбыппыт. “Симэхтэр” ыыппыттара. Норуот маастардарын быыстапката эбит. Оттон биһиги маастардар буолбатах буоллахпыт дии. Ол да буоллар кыттар чиэскэ тиксэн, таҥас бөҕөтүн хомуйан, иччэ ыраах сиргэ тиэйэн илдьибиппитин боруостаатыбыт.
Кыталы Куо: – Бу саҥардыыта аҕай Өрөспүүбүлүкэтээҕи “Кэрэни кэрэхсээн” диэн күрэскэ кытынныбыт. Ити норуот маастардарын күрэхтэһиитэ буолбатах. Иис эйгэтигэр сөбүлээн дьарыктанар дьоҥҥо аналлаах. “Симэх” галерея устуунан уунан (онлайн) ыытта. Онно Гран-при үрдүк аатын ыллыбыт. Туйаара, салайааччыбыт, иистэнньэҥ норуот маастара Николай Никитин туруорбут анал бирииһин тутта. Быыстапка арыллыытыгар биһигини ыҥыран кытыннарбыттара. “Мааны мандарга” эрэ анаммыт тэрээһин
курдук буолта. Дьон соһуйда аҕай: “Хантан маннык түмсүүбаар буолан хаалла? Эһигикимнээхтэргитий? Ханна саһасырыттыгыт?” – диэн. Онон сэтинньи ыйга “Мааны мандар”
түмсүү Сахабыт сирин киинигэрсүрэхтэннэ. “Симэхтэр” арыйыы оҥороннор, дьэ, соһуйдулар.
Бэйэ сиригэр-уотугар бастыырдааҕар буолуох, анал түһүмэх аатын ылар да күтүр уустук буолуо оҥоробун. Оҕордук уус тарбахтаах да элбэх, түмсүү да үгүс. Эһиги мээнэҕэ ымыттыбат дьүүллүүр сүбэҕэ тугунан “сээн” дэттэрдигит?
Туйаара: – Бастаан саҕалыырбытыгар үгэс буолбут таҥастары иистэммиппит. Онуоха илиибит анныгар илдьэ сылдьар өрүү туттар кинигэлэрбитинэн Мандар Уус, саха таҥаһын
чинчийэр учуонай Светлана Петрова гиэннэрэ буолбуттара. Саха былыргы таҥаһын-сабын түмэллэргэ баар хаартыскалартан көрөн, хаһыылартан булуллубут таҥастары ымпыктаан хатылаан, үтүгүннэрэн тигэбит. Киэбин Светлана Петрова кинигэтиттэн ылабыт. Оҕордук үгэс буолбут таҥаска бэйэ гиэнин олох киллэрбэппин. Онтон “Тураҕас таҥас” (трансформер) (“Тураҕас” – 2. дэбигис уһуллар, арахсар туох эмэ. Холобур, “тураҕас ыстаан” – сыалдьаҕа мыаннарыгынан бааллар сутуруолаах (сотолоох) ыстаан
– ред. быһаарыыта) диэн хайысханы киллэрбиппит. Бэл диэтэр күннээҕигэ кэтиллэр кыбытыктаах тураҕас сон тиктибит. Сиэҕэ, аллараа тэллэҕэ уһуллан сэлиэччик буолан хаалар. Дьон да, дьүүллүүр сүбэ да тураҕас таҥаһы олус сэҥээрдилэр. Саҥа сүүрээн уонна сонун диэн. Бастаан Санкт-Петербурга “айааһаабыппыт”. Наһаа сэргээбиттэрэ. Онтукпутунан бастаабыппыт уонна Өлүөхүмэтээҕи Олоҥхо ыһыаҕар ол бастакы миэстэбитин бигэргэттибит диэххэ син. “Тураҕас сон” – түмсүүбүт иэйиитэ Кыталы Куо
тобулааһына, бырайыага.
Кыталы Куо: – ХИФУ доцена Светлана Петрова «Арчы Дьиэтин» сүбэһитэ. Светлана Ивановна биһигини кытта ыкса үлэлэһэр. Туйаарабыт кини үөрэнээччитэ. Онон үгэс буолбут таҥаска сүрдээх болҕомтолоохтук сыһыаннаһар, өҥүн-дьүһүнүн наардааһыҥҥа тиийэ. Оттон аныгылыы сахалыы хабааннаах иискэ хааччах суох. Биһиги “Кыбытык тигии” диэн бырайыактаахпыт. 2016 сылтан ылата “Арчы Дьиэтигэр” биһи курдук иистэнэр түмсүүлэргэ олунньу 16 күнүгэр үгэс курдук тэрээһин ыытабыт. Бастакыбыт
уопут атастаһыытын курдук ааспыта. Иккиһигэр этии киллэрбитим: “Биһиги тураҕас (трансформер) соннонуоххайыҥ. Бу сону олунньу 16 күнүгэр дьон-сэргэ биһирэмэр таһаарыахтаахпыт”, – диэн. Бу сонтон холобур ылан дьахталлар бэйэлэригэр тиктэн саҕалаабыттара. Хас биирдиилэригэр Туйаара моһуон көрдөртөөбүтэ.
Иис түмсүүлэрин үлэлэрин сэҥээрэн көрө сырыттаххыт дии. Олортон “Мааны мандардар” туох ураты суоллаахпыт-иистээхпит дии саныыгыт?
Туйаара: – Уонча сыллааҕыта мин “Далбар хотун” сурунаал “Хоппуйа: иис” рубрикатыгар балачча элбэхтик тахсыбытым дии. Оччолорго Сивцева диэн этим. Кута-мата кыргыттарга аныгылыы халадаай ырбаахыны тиктэргэ сүбэлээбитим. Оччолортон мин дьон бэйэтэ иистэнэр хайысхатын тутуспут эбиппин. Билигин да ол суолбуттан туораабаппын. “Мааны мандар” дьону-сэргэни бэйэтин иистэннэрэр. Сорох иистэнньэҥнэр тикпит таҥастарын кэрэ модель кыргыттарга кэтэрдэн хаамтараллар. Оттон биһи уратыбыт диэн сааһыттан хааччаҕа суох, эдэр буоллун, эмэн буоллун, бэйэтэ иистэммитин бэйэтэ кэтэн кыттар.
Кыталы Куо: – Киһи хараҕынан көрөн хайҕаан үтүктэр дии? Мин көҕүлээччи киһи быһыытынан таҥаһы толкуйдуубун. “Кыргыттаар! Маннык хайдаҕый?” – диэммин
ырабын тоҕо-хоро кэпсиибин уонна бары саба түһэн иистэнэбит. Онтукпутун бэйэбит кэтэбит. “Ээ, кини маннык тиктибит, мин даҕаны…”, – диэн, ымсыыра көрөннөр тиктэллэрин курдук гына. Онон ордук “Күннээҕи таҥас” диэҥҥэ болҕомтобутун уурабыт. Саха таҥаһын кэтиини күннээҕи олоххо тэнитээри урукку кэтиллэ сылдьыбыт таҥастары эҥин моһуоннаан, иккистээн тыыннаан биэрээһиҥҥэ үлэ ыытыллар. Оҕордук Туйаара онон-манан элэйбиттээх норка тириитэ саҕынньахтары күннээҕигэ кэтиллэр гына сахатытан тигэр. Ойуулуур-мандардыыр тус бэйэтэ оҥорбут оһуордардаах.
Бастакы борбуйгутун көтөҕөр сааскытын хайдах-туох ылар баҕа санаалааххытый? Инникитин ханнык саҥа хайысхалары тобулар толкуйдааххытый?
Туйаара: – Саха сэмэй. Биһи наһаа арбаммакка, бэл, билиҥҥи ватсап, инстраграм үйэтигэр ситиһиилэрбитин киэҥник иһитиннэрбэккэ, наллаан, холкутук үлэлии сылдьабыт. Ол эрээри, бэйэбитигэр бүгэн олорбокко, сайдар туһуттан быыстапкаларга, фестивалларга, күрэхтэһиилэргэ салгыы кыттар санаалаахпыт. Бу бастакы бөлөҕүм атаҕар турда дии саныыбын. Онон быйыл иккиспитин таллыбыт. Эмиэ уонча киһи үлэлээн саҕалаан эрэр. Уратыта диэн, аҥардас куорат эҥэрдэр буолбатах. Интернет ситимэ баар буолан, ыраах
тыалартан эмиэ кыттыстылар. Саха таҥаһа кэрэтин көрдөрөөрү, күннээҕи кэтиллэр спортивнай, дьыалабыай көстүүмнэр да буоллун, тыйаатырга кэтэр мааны таҥас да буоллун, сахалыы киллэһиги туттабыт. Соммутугар, бэргэһэбитигэр тиийэ сахалыы оһуордаан-мандардаан иистэнэбит. Тугу да кистээбэппит. Ханна да быыстапкалыы олорон кыбытык тигиигэ сүһэн ылыыны (маастар кылаас) ыытар этибит. Дьон сэргиир аҕай. Салгыы тураҕас таҥаһы тэнитиигэ үлэлэһиэхпит. Биллэн туран, 5 сылбытыгар быыстапкалыыр баҕалаахпыт. Онно бары көмөлөөн Уус Алдан дьабакатын тилиннэрэн тигэ охсуохтаахпыт. Быйыл буобура тириитэ буодьулаах бууктаах сону бары куолаан тигэммит Олоҥхо ыһыаҕар кытынныбыт. Коллектив баара наһаа үчүгэй. Барытыгар күүс буолар. Ким эрэ ииһэ кыаллымаары гыннаҕына, түмсэммит көмөлөһөбүт.
Кыталы Куо: – Былааммыт элбэх. Саха оҕото ииһи сэргээтин, таҥыннара үөрэннин диэн сыахай (куукула) таҥастарын тигэргэ ылсан эрэбит. Тымныы сиргэ олорорбутунан өбүгэбит хаттык таҥастарын сөргүтэн үлэлэһэр санаалаахпыт. “Симэхтэри” кытта саҥардыы үлэлээн эрэбит. “Кырадаһын тигии” диэҥҥэ Иваново куоракка “Лоскутная мозаика” быыстапкаҕа үлэлэрбитин ыыппыппыт. Аҥаардас кыттар эрэ буолбатахпыт. «Арчы Дьиэтэ» духуобунас Киинэ бэйэбит эмиэ күрэхтэһиилэри тэрийэбит. Быйыл “Сылаас тыыннаах өбүгэ таҥаһа” диэн кыһыҥҥы саха таҥаһыгар күрэһи “Тымныы кыһын Саха сириттэн саҕаланар” фестиваль чэрчитинэн иккис төгүлүн ыыттыбыт. Туйаара биһигинэн эрэ муҥурдаммат. Социальнай ситиминэн өрөспүүбүлүкэ дьонун ким баҕалааҕы үөрэтэ олорор. Эһиил 5 сылбытыгар дьоммутун-сэргэбитин «Арчы Дьиэтигэр» күүтэбит. Кулун тутар ыйга Маастардар күннэригэр. Ону көрсө дьоҕус брошюра таһаарыахпытын баҕарабыт. Баҕа санаабыт наһаа элбэх.
Елена Алексеевна Баишева:
– Тааттаттан куоракка көһөн кэлбитим 6 сыл буолла. Дойдубар бухгалтердыыр этим. Манна үлэлээбэккэ олорбутум. 6 оҕолоохпун. Олорбун оскуолаҕа, детсадка таһар этим. Билигин кырам уоннаах. Оскуола эрдэхтэн иистэнэбин. Ыллым да, харах холооһунунан түргэн баҕайытык тигэн кэтэр этим. Аан бастаан оҕолорбор маскарад тигэртэн саҕалаан баран, дьоҥҥо үлэххэ тигэр буолбутум. Мин маскарааттарым наар 1 миэстэни ылалларын иһин, Харбалаах дэриэбинэтэ (онно кийииппин) барыта кэриэтэ миэхэ тиктэрэр буолбута. Чурапчыттан төрүттээх эбэм Елена Васильевна Беляева ыалга ыҥырыкка сылдьар иистэнньэҥ этэ. Этэрбэһи, оҕуруону кыайа тутара. Аҕам өртүттэн эмиэ бары иистэнньэҥнэр уонна улахан үҥкүүһүттэр. Санкт-Петербург тыйаатырдарын хас да примабалериналара бааллар. Туйаараттан наһаа элбэххэ үөрэнним. Бастаан “Түүлээххэ сууланыах” диэн сурунаалын атыылаһан, онтон көрөммүн кыра кыыспар саҕынньах, бэргэһэ, үтүлүк тикпитим. Оҕуруолаан эҥин. Олох сүһэн ылбытым. Ватсапка кини биллэриитин көрөөт да, үөрүүнү кытта тута кэлбитим. Онон “Мааны мандарга” саҕаланыаҕыттан баарбын. Билигин киис бэргэһэлэри, үтүлүктэри тигэбин. Саҕынньаҕы хос аттарабын. Сахалыы таҥаһы барытын тигэбин эрээри, ордук оҕуруолуурбун сөбүлүүр эбиппин. Киэргэлгэ: илин кэбиһэргэ, суһуох киистэтигэр, чаппараахха, ойуулаахха-мандардаахха санаам сытар. Быыстапкаҕа маллаах иһитинэн кыттыбытым.
Туйаара Иннокентьевна Александрова, “Мааны мандар” иис түмсүүтүн уһуйаан салайааччыта:
– 98 с. Нам педучилищетын бүтэрбитим. Онтон педакадемия “ИЗО, дизайн” салаатыгар үөрэнэн үрдэтиммитим. Киһини өйдүүр детсад сааспыттан иистэнньэҥ худуоһунньук буоларбын билэр этим. Түһээн Нам педколлеһын саҥа дьиэтин кытта көрөөччүбүн. Онон тутулла да илигиттэн хайдах буоларын харахпар ойуулаан көрбүтүм. Үөрэнэ тиийбиппэр, үкчү оннук этэ. Эбэм дьоруой ийэ Мария Иннокентьевна кыһалҕаттан дьонун таҥастаары тигэрэ. Ииһигэр олох чугаһаппат этэ. Миигин кыйдаан тахсара. Ону кэтии-маныы сылдьаммын, барбытын кэннэ уоран иистэнэр массыынатын талкыйарым. Бастакы ииспин өйдүүбүн. 9 саастаахпар үҥкүү куруһуогар чешка көрдөөбүттэрэ. Ону эбэм наһаа халыҥ, ватин сирэдэһиннээн таапачыка тикпитин сөбүлээбэккэ, бэйэм түүппүлэ үрдүгэр таҥас ууран быһан тикпитим. Онтон 10 саастаахпар вельвет дьууппа тиктэммин оскуолаҕа биэчэрдии барбытым. Дьиҥэр, аҕам аймахтара уус харахтаахтар эбит. Петр Иванович Сивцев – Маайаан уус диэн улахан өбүгэлээхпин. Тимир, көмүс ууһа уонна тоҕус кырыылаах дүҥүрдээх улахан ойуун. Илбииһит, дьахтары төрөтөр оҕо көтөҕөөччү үһү. Ситтэхпинэ-хоттохпуна, баҕардар, өбүгэм аатын ылыныам.Варвара Иннокентьевна Цыпандина:
– Төрдүм Нам. Олохсуйбут сирим Төҥүлү. 5 оҕолоохпун. Иискэ ким да үөрэппэтэҕэ эрээри, 4-с кылааска аан бастаан сыахай таҥаһа тигэммин оскуола быыстапкатыгар бастаабытым. Дьэ, ол кэнниттэн тууһураммын ону-маны иистэнэр буолбутум. Улахан кылааска аҕабар улахан баҕайы үтүлүк, кээнчэ тигэрим. Бу дьоҕур, арааһа, аҕабыттан бэриллибит быһыылаах. Аҕам Иннокентий Петрович Олесов Иккис Хомустаах тарбахха баттанар тимир, мас ууһа этэ. Ахсыс кэннэ Төҥүлүтээҕи 2 сыллаах СПТУ-га “дьахтар тас таҥаһа” диэҥҥэ үөрэххэ киирбитим. Сон тигэргэ үөрэммитим. Оҕолорум оскуоланы бүтэриэхтэригэр диэри наар тигии таҥаһы кэппиттэрэ. Халтаҥ да, истээх да соннорун барытын бэйэм быһан тигэрим. Мин сахалыы таҥаһы тигиэхпин наһаа баҕарар этим. Урут маннык бөлөх диэн суох. «Мааны мандар» куруһуокка киирэммин, дьэ аһыллан сахалыы хабааннаах таҥаһы тигэр буоллум. “Арчыга” “Чараҥ” ансаамбылга ыллыыр этим. Ол сылдьан үрдүттэн билэн кыттыбытым. Син ситиһиилэрдээхпин Холобур, Дьокуускай 8 уокуругун үрдүнэн ыытыллыбыт онлайн күрэһигэр 2 соммун ылбыттара. Аҕыйах хонно биллэрии
ыыппыттара: 1 миэстэ буолбуппун. 41 киһиттэн. Наһаа үөрдүм, оннугу кэтэспэтэҕим даҕаны. Түмсүүлээх буолар наһаа үчүгэй. Туйаара Иннокентьевна элбэххэ үөрэттэ: быһарга, таҥалайдыы быысапкаҕа. Мин сылдьыбытым 3-с сыла. Ол иһигэр үгэс буолбут да, аныгылыы да соннору тигинним. Күннээҕигэ кэтиллэр чараас сирэдэһиннээх халтаҥ сону бу күһүн кэппитим. Дьон көрө-көрөлөр “маннык тиктиэххэ баар эбит” дэһэллэр.Абрамова Ирина Васильевна:
– Усуйаана улууһун Тумат бөһүөлэгиттэн төрүттээхпин. Кыра оҕо эрдэхтэн ийэм иистэнэр имигэс тарбаҕын көрө улааппытым. Таба тириитин, тыһын имитэн үтүлүк, буодьулаах бэргэһэ, уһун остоох сутуруо, халыҥ саары уллуҥнаах этэрбэс тигэрэ. Ийэбин Парасковья Ивановна Дьяконованы көмүс тарбахтаах иистэнньэҥ диэн ааттыыллара. Дьылҕа хаан эдэр сааһыгар былдьаан илдьэ барбыта. Тулаайах хааламмын аан бастаан сатыын таҥаһынан сирийэн тэлэгириэйкэ тиктэн кэппитим. Оскуолаҕа үөрэнэр кэммэр дьууппа, куопта тиктэн бырааһынньыктарга кэтэрим. Оннооҕор устудьуоннуу сылдьан эргэ баата сону көтүрэн, саҥаттан сукунанан таптаан, кырса кутуругунан тулалаах капишоннаан үөрэҕи бүтэриэхпэр диэри кэппитим. Үксүн ийэм курдук тирии таҥаһы тигэрбин сөбүлүүбүн. Күннээҕи да, сыанаҕа да кэтэр таҥастарбын оҕуруолаан-мандардаан бэйэм тиктэбин. Аны “Мааны мандар” иис түмсүүтүгэр киирэммин кырадаһын аттааһык тигиини баһылыыр баҕалаахпын. Салайааччы кыыс хотуттарбыт иккиэн да саха дьахтара өбүгэ саҕаттан иистэнэн кэлбит үгэстэрин салгыыр, саҥалыы тыынныр айылгылаах дьоннор. Кинилэргэ, Туйааралаах Кыталы Куоҕа, иис эйгэтин үрдүкү чыпчаалларыгар дабайан иһэллэригэр баҕарабын.Татьяна Саввична Федорова:
— Бүтэйдээхпин. Кыһын сиэн көрө куоракка кыстаабытым ыраатта. Варваралыын Хотун Төҥүлү кийииттэрэбит. Оҕонньотторбут иккиэн оскуолаҕа бииргэ үөрэммиттэр. Ол онтон булсаммыт дьүөгэлэспиппит 40 сыл буолла. 3 сыллааҕыта миигин “Мааны мандарга” сиэтэн аҕалбыта. Онон астынабын аҕай. Кыыһым курдук саныыр, оҕом курдук саастаах Туйаара бөлөҕөр киирэммин үөрэнэ сылдьабын. Туох сорудах биэрдэ да, ону толоробун. Холобур, сайын устата джинсынан ону-маны тигин диэбитэ. Онно кыргыттарым эргэ ыстааннарынан үрүксээк, сайын кэтиллэр чап-чараас, халтаҥ уонна халыҥ 3 суол куурка уонна сиидэстээн эҥиннээн аныгылыы “боһо” (“бохо”) тигинним. Күһүн кэлэн учууталбыт биһигини манньалаата. Миэхэ иннэлик бэлэхтээтэ. Мин наһаа ыксаллаахпын. Сиигим эҥин судургу. Сатаабатахпын бу дьүөгэбэр көмөлөһүннэрэбин. Кини эмиэ учууталым ээ. Көтүттэрэр. Оттон ыксал буолбутугар, холобур, Санкт-Петербурга барарбытыгар,
хаппарбын тиксибитэ. Оттон Туйаара Иннокентьевна быһан биэрэр. Дьүөгэм Варвара паннота уонна Туйаарабытынаан кыттыгас бары тикпит соммут Иваново куоракка быыстапкаҕа турбуттара. Мин эргэ кыһыҥҥы сэбиэскэй драп сонум саҕатыгар, көхсүгэр кыбытыы киллэрэммин, бэргэһэлээн, үтүлүктээн, курдаан, онно өттүк симэхтээх куорат ыһыаҕар кыттыбытым. Онтум Өлүөхүмэҕэ Олоҥхо ыһыаҕар эмиэ бара сырытта. Саастаах дьону барарбытын көҥүллээбэтэхтэрэ. Онон
бэйэбинээҕэр ол сонум дойдуну кэрийдэ диэххэ сөп. Өрүү кэтэбин. Аҕыйах хонуктааҕыта уһуллум. Дьоннор көрө-көрө ыйыталлар: “Бэйэҥ тиктиҥ дуо?”—диэн. Хаартыскаҕа да түһэрээччилэр бааллар. Онтуҥ саха таҥаһын тэнитии диэн буолар. Соннук.Любовь Михайловна Петрова:
– Үөһээ Бүлүү Боотулутуттан төрүттээхпин. 2008 с. Хатаска көһөн кэлбиппит. Оҕолор улаатаннар үөс сиргэ үөрэнниннэр диэммит. Ийэм Варвара Игнатьевна Тимофеева сүрдээҕин иистэнэр этэ. Биһигини барыбытын ситиинэн бэргэһэлээн, этэрбэстэрбитин бэйэтэ тигэн, олох оскуоланы бүтэриэхпитигэр диэри кини
ииһинэн таҥнан улааппыппыт. Сиэттэригэр кытта саҕынньах тигэр. Бииргэ төрөөбүттэр сэттиэбит. Биир убайым сылгыһыт этэ. Киниэхэ былыргылыы, илиитэ тоҥмотун диэн, түүлээн хаттык таҥас, моонньугар моойторук, куобах истээх сарыы үтүлүк, кээнчэ тигэрэ. Хаттык таҥаска куобах тириитин имитэрэ. Мин саамай кыраларабын. Оскуолаҕа үлэ уруогар Александра Макаровна Яковлева иискэ, туоһунан тигэргэ үөрэппитэ. Ол үлэлэрбит куоракка быыстапкаҕа кэлэн миэстэлэһэллэр этэ. Иискэ, быысабайга бастакы олугу кини уурбута. Бэйэм кыралаан иистэнээччибин. Наһаа үчүгэйдик да буолбатар, “Бурда” сурунаалтан көрөн. Таҥас-сап кырыымчыгар оҕолорум кыраларыгар эргэ таҥастарынан, урукку соннорун кыччатан тигэммин кэтэрдэр этим. “Туйаара иискэ ыҥырар“ диэн биллэриини ватсапка көрөөт да, хара саҕаланыытыттан иистэнэ кэлбитим. Ол иннинэ Хатаска олороорон Дария Семеновна Козловаҕа кыбытыкка үөрэммитим. Туйаараҕа – таҥаһы быһарга. Үчүгэй баҕайытык быһаарар. Мин кыра маллары тигэрбин ордорор эбиппин. Хаппардары, боруостары, кылдьыылары. Улахан эдьиийим Капитолина Михайловна Алексеева дьоҕурдаах иистэнньэҥ. Талаҕынан эҥин корзинкалары оҥорор. Сатаабатаҕа диэн суох. Кыайыы 70 с. “Арчыга” быыстапка оҥорбута. Дэйбиир оҥорон. Кини кыыһа Сардаана Алексеева норуокка биллэр модельер-дизайнер.Лариса Игнатьевна Барашкова:
– Мин кыра эрдэхпиттэн иис диэни көрдөҕүм дии. Төлөй Дириҥиттэн төрүттээх ийэм Февронья Васильевна Тарабукина туоһу да тигэрэ, сиэлинэн хатара даҕаны. Быа
бөҕөтүн өрөр этэ. Кэнники сөрүө оҥорон иһэн бараахтаабыта. Туох баар түүлээҕи барытын тигэрэ. Эмээхситтэр оҕонньоттор сарыы кыбынан этэрбэс тиктэрэ кэлэллэрэ адьас харахпар ойууланан хаалбыт. Ол иһин да буолуо, бииргэ төрөөбүт эдьиийдэрим (биирбит суох) бары наһаа үчүгэйдик иистэнэллэр. Балтым Александра Игнатьевна Протодьяконова анал үөрэхтээх иистэнньэҥ. Боруоста көнө сииктээх. Кэнники эбэтин кини ааттатар ини. Эбэбит Агафья Наумова аатырбыт иистэнньэҥ эбит. Мин 5 кыл. оҕото сайын убайбар Одьулууҥҥа бара сырыттахпына биир дьахтар иннибэр олорон эрэн эбэм туһунан кэпсээбитэ: «Эн эбээҥ олох аатырбыт иистэнньэҥ этэ. Мин ийэм сүктэр таҥаһын кини тикпит», – диэн. Былыр улахан иистэнньэҥнэри ыҥыран аҕалан, үрдүттэн олордон эрэннэр сүктэр таҥаһы тиктэрэллэрэ үһү. Кэлин ийэм кэпсээбитэ. Тириинэн тарбах үтүлүк тигэр эбит. Онтон биир бэрчээккэтэ музейга туттарыллыбыт. Эбэбин хаан тамайан буолуо, оскуолаҕа сылдьан тигэрбин наһаа сөбүлүүр этим. “Домоводство” диэн урок баар этэ. Сэбиэскэй үөрэх бу кыыс оҕо кэнэҕэс дьахтар, ийэ буолуоҕа диэн олох эрдэттэн бэлэмниир эбит. Ефимова Мария Иннокентьевна диэн үчүгэй да учууталлаах этибит! Биһигини хааһыны, аһы астыыртан саҕалаан иискэ, быысапкаҕа барытыгар үөрэппитэ. Быысапкалыырбын наһаа сөбүлүүрүм. “Көнө сииктээххин” диэн хайҕанарым. Бастакы боччумнаах ииспин умнубаппын. Арай 7-с кылааска наһаа үчүгэй саахымат королевата буолуохпун баҕардым. Дьонум атын тыаҕа олороллор. Мин буоллахпына интернат киһитэбин. Ким биһиэхэ иистэниэй? Аттыбытыгар алыс үчүгэй майгылаах акушерка биэлсэр Екатерина Банжеевна Хон ыаллыы олорбута. Мин кинилэргэ сылдьарым. Массыыналаах этэ. Онно бараммын бэйэбэр былаачыйа тиктибитим. Оччолорго сиидэс дэлэй. Маҕаһыынтан маҥан, хара сиидэһи атыыластым. Санаабар наһаа үчүгэй маскараат этим, төбөбөр кэрэ да кэрэ хоруона оҥостубутум. Бу бөлөххө миигин Кыталы аҕалбыта. Иистэниэхпин наһаа баҕарар буоламмын. Оҕолорум маскарааттарын, таҥастарын тигэрим да, судургуну эрэ сатыыр буоллаҕым дии. Саҕаны эҥин хайдах олордорбун билбэппин. Манна оҕуруолуурга үөрэнним. Билигин оҕуруо кистэлэҥин иннин ыллым диибин. Туйаара биһигини дьарыктыырын таһынан маастар кылаастары ыытан элбэх баҕайы дьону үөрэтэр. Сүрдээх наҕыл, холку баҕайы майгылаах. Тугу баҕарбыккын быһан биэрэн көмөлөһөр. Уонна наар барытын өйүгэр толкуйдуу, быһаара сылдьар: маннык гыныахха сөп эбит диэн. Үлэбэр да ыктараммын улахан иискэ киирэ иликпин. Ол эрээри, маннык үчүгэй учууталлаах, өйүүр-убуур түмсүүлээх дьахтар, санаам кыайдаҕына, ылсыһыам даҕаны. Бэйэбин идэлээх иистэнньэҥнэри кытары тэҥниирим харгыстыыр курдук.Елизавета Михайловна Касьянова:
– Биһиги ситиһиилээх үлэлэрин иһин элбэх үрдүк наҕараадалардаах Валерий Герасимович уонна Ефрасинья Михайловна Ивановтар салайар “Чараҥ” ансаамбыла саас репетициялаан бүппүппүт кэннэ “Арчы дьиэтин” методиһа Любовь Радиковна киирэн ырыаларбытын хайҕаабыта уонна ырыа, үҥкүү, тойук бөлөхтөрө бары этэҥҥэ таһаарыылаахтык дьарыктана, араас тэрээһиннэргэ ситиһиилээхтик кытта сылдьаллар диэбитэ. Аны иистэнээччилэри бэлэмниир киһи көстүүмҥүтүн бэйэҕит тиктиэ этигит диэн баҕа санаатын эппитэ. Күннээх сайыммыт ааһа охсон күһүн кэлбиппитигэр Любабыт ииһи үлэлэтээччини буллубут диэн үөрэ-көтө кэпсээбитэ. Дьэ, онтон ыла Туйаарабыт үөрэтэн, бэйэбитигэр сөптөөх киэп оҥостон, наадалаах таҥастарбытын тиктэн саҕалаабыппыт. “Мааны мандардарбын” кытта саҥа саҕаланыаҕыттан иистэнэ сылдьан бараммын, билигин кыра сиэттэрбин көрсөммүн, А.П. Чехов Ялтатааҕы сайылык дьиэтин кэлин өттүн куортамныылларыгар (сирэй өттө музей) уолум ааҕы кытта олоробут. Онон кыратык тохтуу сылдьабын эрээри, ватсап ситиминэн барытын көрө-билэ, тэҥҥэ үөрэтиһэ сытабын. Мин сэрии кэмин оҕотобун. Ийэлээх аҕам улахан уоллара Спиридон Афанасьев Белоруссияҕа сэриилэһэ сылдьан өлбүт. Хороччу улаатан эрэр уолаттара Пронялаах Костя кэнниттэн миигин төрөппүттэр. Ол саҕана оҕо төрүүрэ сэдэх эбит. Ол да иһин билигин Хамаҕатта нэһилиэгэр 1945 с. төрөөбүттэртэн соҕотох хааллым. Бу саһарбыт хаартыскаҕа ийэм, аҕам, убайым Костя баарбыт. Ийэм Матрена Павловна Афанасьева-Москвитина, аҕам Михаил Прокопьевич. Улахан убайым Спиридон колкуостааһын саҕаламмытыгар бу дьиэни 1939 с. Кыбытыы диэн арыыттан Кириэс Кытылга көһөрөн таһаарбыт. Ийэм туохтан да иҥнибэккэ иистэнэр этэ. Ити кэтэн олорор физкультураҕа эрэ кэтэр мааны түүлээх түрүкүө ыстааммын быһан биэрэн баран: “Бэйэҥ тиктэн кэт”, – диэн оҥочолоох иистэнэр массыынаны сайылыктан күһүн үөрэнэ дэриэбинэҕэ киирэрбэр туттаран ыыппыта. Оччолорго 12-лээҕим эбитэ дуу. Дьэ, мин массыынаны бас билбит үөрүүбэр тигэн тирилэт! Арай, кэтээри гыммытым, ыстааным аҥаар эрэ сотолоох. Дьэ, соһуйуу! Хайдах иккис атахтанабын диэн толкуй бөҕөтүгэр түстүм. Кэлин син ахтатын көтүрэн, икки сотолоох ыстааннаммытым. Оҕордук иистэнээччи буолтум. Билигин туох наадатын үксүн бэйэм тигэбин. Аҕабыт уһун үйэлээхтэргэ киирсиэ этэ. 1881 төрөөбүтэ. 1981 с.
Кириһиэнньэ саҕана өлбүтэ. Сиэттэрин үксүлэрин көрсөн, дөксө да олоруох эбитин, ол сыл улахан испанка тумуу кэлэн илдьэ баарта. Талах олоппостон саҕалаан дьиэ тэрилин барытын, оҥочону оҥороро, туос тыыны тигэрэ. Ийэм ситии хаттаҕына онон туу, муҥха, илим баайар этибит. Олор сүрдээх бөҕө буоланнар хойукка диэри сылдьыбыттара. Аҕам оҥорбут ытыга билигин даҕаны баар. Онон сиэммит бэйэтэ күөрчэх ытыйан сиир буолла.Агафья Афанасьевна Соргоева:
– Үөһээ Бүлүү улууһун Сургуулук нэһилиэгиттэн куоракка оҕолорбор кэлбитим аҕыйах сыл буолла. Үс сыллааҕыта дьүөгэм Татьянаны батыһан иис куруһуогар кэлбитим. Бэйэм улаханнык иистэммэт буолан үөрэнэр баҕа баһаам этэ. Тэрээһиннэргэ барытыгар сылдьан, кыттан испитим. Ону дьаҥсык ыарыы улаханнык атахтаата. Элбэҕи куоттардым, Питерга да барсыбатым диэн хомойобун эрэ. Салайааччыбыт Туйаара бэйэтэ быһан, ыйан-кэрдэн биэрэр, ирдэбиллээх учуутал. Өбүгэбит таҥаһын сөргүтэн, өҥүн-дьүһүнүн бэркэ дьүөрэлээн, ойууну-оһуору таба туттан иистэнэр диэммин наһаа хайгыыбын.Любовь Радиковна Константинова – Кыталы Куо, “Арчы Дьиэтин” уус-уран салайааччыта:
– Иис эйгэтин сүрүн өйөөччүнэн “Арчы дьиэтин” директора Валентина Ивановна Бочонина буолбута. Күөртээччибит, уот саҕааччыбыт этэ. Иистэнэр кэммитигэр киирэн: “Бу хайдах тиктигит? Миэхэ маннык наада эбит”, – диэн сэҥээрээччи. Хайаатар да санааны көтөҕөр, хайгыыр тыллары булан этээччи. Саха таҥаһын биир тарҕатааччы, уратытык, бэйэтигэр барсардык таҥнар уран хотун. Иистэниэн баҕарбытын да иһин, суруйар үлэлээх буолан, олох солото суоҕа. Кини көҕүлээһининэн кулун тутар 5 күнүгэр саха таҥаһын иистэнньэҥнэригэр аналлаах Маастар күнүгэр парадка наар кыттааччыбыт. Орджоникидзе болуоссатыттан Лениҥҥэ диэри уулуссаны барытын сабан кэбиһэллэр. Онно олох 9 маай курдук парад буолааччы. Оо, аан бастаан кыттыбыппыт баара! Билигин саныы-саныы күлсэбит.Эбэҕэ улааппыт буоламмын иис мин эйгэм. Эбэм Мария Григорьевна Константинова Уус Алдан Түүлээҕиттэн уонна Таатта Баайаҕатыттан төрүттээх. Кыра эрдэхпинэ
аттыбар олорон билэ тигээччи. Онон бастаан оҕуруо тиһэргэ үөрэммитим. Илиитигэр бары өртүттэн талааннааҕа. Талах олоппоһу оҥороро. Туоһу тигэрэ. Өспөх кыракый дэриэбинэ буолан иистэнньэҥнэр да суохтара. Эбэм былыргы киһи быһыытынан таҥаһы барытын бэйэтэ тиктэр эбит. Оҕолоругар эмиэ. Мин ыллыыр буоламмын сыанаҕа кэтэр таҥаспын иккиэн куолаан тигэр этибит. “Эбээ, миэхэ …” – диэтим да: “Оччоҕо миэхэ көмөлөһөр буоллаххына. Хараҕым олох мөлтөх”, – диирэ. Түүнү быһа тигэн бүтэрэрбит. Билигин да таҥаспын бэйэм тиктэрбин ордоробун. Үөһээ хаартыскаҕа кэтэн турар Саҥа дьыллааҕы былаачыйабын бэйэм
толкуйдаан, муодалаан тиктибитим. Бүгүн иистэнньэҥ дьахталлары көрдөхпүнэ, эбэбин саныыбын.Маргарита Лонгиновна Иовлева:
– Таатта улууһун Игидэй нэһилиэгин олохтооҕобун. Кыһынын куоракка сиэттэрбин көрсөн оҕолорбун үлэлэтээри кыстыы кэлбитим уонча сыл буолла. Дойдубар сайылыы тахсабын. Ийэм Вера Павловна Иовлева иистэнэр этэ. Үксүн сылгыһыттарга, булчуттарга түүлээхтэн, ыт тириититтэн үтүлүк, бэргэһэ, сутуруо эҥин тигэрин көрөрүм. Эдэр сааһыгар ыалдьан өлүөн иннинэ миигин, 7-с кылаас оҕотун, иистэнэргэ үөрэппитэ. Кээнчэ, баартык, утуйар таҥаһы кытары тиктэрбитэ. Онон ийэм
үөрэппит үөрэҕэ олохпор наһаа туһалаабыта. Оҕо эрдээҕи дьүөгэбин Галина Романовна Кашкинаны көрсөн, аргыстаһан 2018 с. “Мааны мандарга” кэлбиппит. Биһигини бэрт эйэҕэс холку, сибилигин ыллаан киирэн барыах курдук куоластаах кыргыттар көрсүбүттэрэ. Ити Туйаара Александрова уонна Кыталы Куо тугу
тиктэллэрин, былааннарын кэпсээбиттэрэ. Дьэ, мин сэҥээрии, сөҕүү бөҕөтө. Онтон ыла бэйэбэр кыһыҥҥы сон, халадаай ырбаахы тиктэн кэттим. “Мааны мандарга” сылдьан кинилэри кытта тэҥҥэ эҥин күрэстэргэ кыттан, Санкт-Петербурга Аан дойдутааҕы фестивальга тиийэ барса сырыттым. Ити мин олохпор умнуллубат улахан түгэн. Саха киһи сиэринэн өбүгэ таҥаһын таҥныбыппыттан киэҥ туттабын. Өссө да ситэрэн-хоторон иистэниэм, саҥаны элбэҕи билэн үөрэниэм диэн баҕа санаалаахпын. Салайааччы кыргыттарбар, биир түмсүүлээхтэрбэр махталым муҥура суох.Екатерина Дмитриевна Винокурова:
– Наммын. Куоракка киирбитим 6 сыл буолла. Оскуола саҕаттан иистэммитим. Ийэм өрүү муода сурунаалларын атыылаһар этэ. Лена этэрин курдук, баҕардым да быстым, тиктим да баран хаалар этим. Дискотекаҕа эҥин таҥаспыт бэйэм тиктэрим. Оскуола кэнниттэн СПТУ 8 иистэнньэҥнэр уөрэхтэригэр киирбитим. Куоракка. Училищеҕа таҥаһы быһарга олох үөрэппэтэхтэрэ. Хата, практикаланар кэммэр элбэххэ үөрэммитим. Тас таҥаһы кытта тиктэрэллэр этэ. Элбэх баҕайы үлэх. Утуйар
таҥас диэн, дьууппа бөҕөтө. Тырылатары онно тигэ үөрэммитим. Оҕоломмутум уонна детсадка үлэҕэ киирбитим. Үөрэҕэ суохтары уураталлар үһү диэн сурах кэлбитэ. Ол иһин ЯПУ 2 киирэн үөрэнэн баран, детсадка 20 сыл үлэлээтим. Уһуйаан үлэтэ айар үлэ. Олох сатаан уруһуйдаабат киһи ойуулуу да үөрэммитим. Онно ииһим наһаа көмөлөспүтэ: оҕолорго куруһуок ыытан, ону-маны тиктэрэн. “Мааны мандарга” саҥаһым Елизавета Михайловна Касьянова ыҥырбыта. Кини бэйэтэ иистэнньэҥ. Манна “Чараҥ” ансаамбылга ыллыыр. Син элбэх баҕайы киһи мустубут этэ дии. Туйаараны көрсөн баран тута: “Мин иистэнньэҥмин ээ”, – диэбитим. Ол биир иис эрэ диэн аҕыйах эбит. Чараас таҥаска эрэ үөрэннэҕим дии. Манна брошка тигэргэ үөрэнним, кыбытык диэни олох да билбэт этим. Ийэм урукку драп сонун уларытан-тэлэритэн, күннээҕигэ кэтиллэр сахалыы сон тиктэммин Дьокуускайдааҕы араас быыстапкаларга кыттыбытым. Олоҥхо ыһыаҕын күрэхтэһиитигэр Өлүөхүмэҕэ Кыбытыылаах сон тигэн ыыппытым. Кэргэмминээн иккиэн сиэттиһиннэрэр хампаанньаҕа үлэлиибит. Ыарыы туруон иннинэ Москубаҕа сыллааҕы түмүктүүр тэрээһин ыыталлар этэ. Онно таһым толорон бараммын, сыанаҕа тахсарбын билэр этим. Кэргэммэр халлаан күөҕэ хомуһуоллаан сахалыы толору таҥас тикпитим.
Сүүһүгэр күннээн. Уонна тахсаммыт былааһы ыллахпыт дии. Ол хомуһуол Туйаара көмөтүнэн оҥоһуллубута. Иис миэхэ билигин бастакы кэккэҕэ турар. Эмиэ толору таҥас тигэ сылдьабыт. Элбэх оҕуруо киэргэтиилээх. Намыаскатын тикпитим. Олох дьаныһан туран үлэлиибин. Наһаа элбэхтик көтүрдүм. Аһара бириинчик эбиппин. Уончата көтүрдүм быһыылаах. Үүт-маас орун оннугар диэни эрэ билинэр эбиппин. Эргэ джинсы ыстааннары көтүрэн ийэбэр улахан баҕайы аттааһык сабыы
тигэн биэрбитим. Өссө суҥнааһыҥҥа (валяние) үөрэнэммин ийэбэр сэлиэччик, истээх ыстаан оҥорбутум. Ынырык сылаас эбит. Ийэм Сунтаартан төрүттээх Нам кийиитэ Вера Никифоровна бэйэтэ кылынан дьарыктанар. Элбэххэ үөрэннэ. Онон иккиэн айар куттаах дьоннор альбом таһаараары сылдьабыт. “Ийэ уонна кыыс” диэн.
УМСУУРА