Ийэ Далбарбыт

“Далбар Хотун” сурунаал бастаан таҕыстаҕын утаа чахчы киһи тиксэн аахпат, олус былдьаһыктаах таһаарыы буолбута. Ийэ тылынанураннык, Саха сирин тыатыгар сэмэй баҕайытык дьиэни-уоту тэринэн, оҕону-аймаҕы дьаһайан, уустук да кэмнэргэ олох туһугар туруулаһары сатаабыт, барыга инники күөнтэн түспэт ийэлэр, эбэлэр барахсаттар, эдэр дьахталлар туһунан киэҥник кэпсиири сатаабыт сурунаал бу этэ. Итиэннэ ис хоһоонун дьоҥҥо тиэрдэргэ дириҥник түөрэн устуоруйаҕа тиийэ анаарарга ааҕааччыны толкуйдаппыт Нина Иннокентьевна Протопопова суруйуулара соһуччу этилэр. Кини куруук “Саха дьахтарын сэттэ мэтириэтин” ис-иһиттэн ылымматын, өһүргэнэрин туһунан кэпсиир буолара. Ол иһин дьиҥ иһигэр саха сэмэй дьахтарын үйэ тухары сурулла илик кыаҕын, сатабылын, өйүн-санаатын баайын норуокка тиэрдэр баҕалааҕа туолбута.

БИИР ТЭРИЛТЭҔЭ — ҮЙЭ АҤААРА

Эттэххэ дөбөҥ. Ол эрээри олохтоон, түптээн үлэлииргэ туруммут, айымньылаахтык, кимиилээхтик, бииртэн биири саҕан иһиэх майгы-сигили, сэдэх да буоллар, дьоҥҥо баар буолар. Биһиги Нина Иннокентьевнабыт оннук этэ. Кини сэрии саҕаттан ыла аахтахха, үлэлээбит сыла элбэх, ити соҕотох оҕо хаһыатыгар кылаабынай эрэдээктэринэн эрэ 50 сыл 8 ый үлэлээбитин туһунан докумуону Россия рекордун кинигэтэ туоһу гынан туттарбыта баар.

Мин кини “үчүгэйдик үлэлээбитэ, итини-маны гыммыта” диэн ааҕааччыга итэҕэтэ сатыырым суолтата суох. Бүгүн, биһиги үтүөкэннээх салайааччыбыт барахсан 95 сыллааҕыта күнү көрбүт кэмигэр сыһыаран, киһи быһыытынан сиэрин-майгытын туһунан быһа тардан кэпсии сатаатарбын… ол кэрэхсэбиллээх буолуо ини.

“БЭЛЭМ БУОЛГА”

Оскуоланы бүтэрээт 17-лээх эрэ оҕо хаһыакка үлэлии кэлбиппэр бары да сүдү дьон мустубут кэлэктиибэ этэ. Нина Иннокентьевна ити дьыл 1979 сыллаахха кэргэнэ ыалдьан, өр ыарыылаан, сүтэрбит кэмэ этэ. Ол иһин кэлэктиибэ кинини наһаа харыстыыра. Варвара Федотовна Мякишева, сурук салаатын “ийэтэ”, сэмээр көрө-истэ сылдьара. Марина Андреевна Дьячковская, пионер салаатын сэбиэдиссэйэ, туох баар эппиэттээх үлэни, суругу-докумуону икки тылынан толорон барытын бэриэт толуйара.

Николай Егорович Мординов кэбиниэтигэр күннэтэ күнүс ыһыктаах кэлэн чэйдиибит. Дьэ онно саҕаланар, араас кэпсэтии. Ол киһи, бу киһи ону гыммыт-хайаабыт диэн хаһан да суох! Барыта—литература тула, суруйааччылар көрдөрө, айымньылар уратылара, кистэлэҥ ис биэтэһэ. Улуу Горькай, Ойуунускай, Баал Хабырыыс, Болот Боотур, Күннүк Уурастыырап, мин наһаа астынар Николай Якутскайым эҥин… дьикти сырыылара, оонньуулара-дьээбэлэрэ хаһан да бүппэт ахтыылар билигин да санаатахха сылааһыан! Ол быыһыгар Амма Аччыгыйа олус таптыыр уонна куруук көмүскэһэр Валерий Чиряевыгар Любовь Федоровна барахсан мэлдьи албакааттыырын туһунан күлэн кэпсиирэ наһаа да истиҥ доҕордуу сыһыан сырдык сиэркилэтэ буолара. Икки “Соппуруоннар”: биирэ биллиилээх суруйааччы Софрон Данилов, иккиһэ суруйааччылар суоппардара эмиэ Соппуруон диэн ааттаах буоларын мин онно аан бастаан истибитим. Николай Егорович кэпсиир, ахтар тылыттан, куолаһа уларыйарыттан дьэ ким туһунан сэһэргэһии буолан эрэрин кэнникинэн тута сэрэйэр буолбутум. Нина Иннокентьевна итиниэхэ барытыгар Амма Аччыгыйа этэринии “наһаа подкованнай” буолара. Ити нууччалыы этиини ол саҕана мин аан бастаан истэбин уонна ураты ис хоһоонун, дэҥҥэ улахан сыанабылга эрэ туттулларын үйэ тухары ити түгэҥҥэ өйдөөбүттээҕим.

ОТТОН УОННА ТЫЛБААСТАНА СЫЛДЬАР

“Сэрии уонна Эйэ” туһунан “кэбийии” кэмэ. Оскуолаҕа нууччалыы исхиэмэнэн үрдүттэн үөрэппит киһиэхэ, миэхэ ити хайдах эрэ “сахалыы айымньы эбит буолбат дуо” дии саныахпар диэри дириҥник уобарастанан киирбитэ уһулуччу этэ. Николай Егорович барыбытын оруолларга “олордон” ол эпохаҕа илдьитэлиирэ, майгыбытынан олус сөпкө түбэһиннэрэрэ, ол иһин туспа сюжеттары толкуйдаан күлүү бөҕө буоларбыт… Үчүгэй да кэм этэ. Ол барыта биһиги улуу дьон оччотооҕу эҥсэр ураты салгыннарынан тэҥҥэ тыынсыбыт дьолбут сорҕото эбит.

“ПОДКОВАННАЙ”

Ити Амма Аччыгыйа Нина Иннокентьевнаны уот харахха эппитэ буолар. Тоҕо диэтэр, үлэҕэ ол өссө сыһыана суоҕа. Аан дойдуга буола турар балаһыанньа тула кэпсэтиигэ эрэдээктэрбит олус дириҥник толкуйдуура көстөрө. Сэбиэскэй салайааччылар бэлиитикэлэрин оччолорго наһаа үчүгэйдик ырытан биэрэллэрэ, онтон бэйэҕэ туһааннааҕы сиэттэрэн, хаһыакка суруллубутунан буолбакка, сахалыы илдьиритэн быһааралларын наһаа соһуйа, сөҕө истэрим. Нина Иннокентьевна араас мунньахтарга, Москваҕа үгүстүк тэрээһиннэргэ, куурустарга сылга хаста эмэ баран кэлэрэ. Ол сонуна биһиэхэ булгу тиийэрэ, бары мустан олорон истэрбит.

Улахан уһаарыллыыны ааспыт, чахчы “подкованнай” буолан, 1986 сыллаахха устудьуоннар мууска иирсээннэригэр мөккүөр тахсан, улахан буруйу туруораары, баартыйа Киин Кэмитиэтиттэн кэлбит хамыыһыйа мунньаҕар, оҕо иитиитигэр үлэлэһэр киһи быһыытынан ыҥырыллан, төрдүттэн дириҥник эппиттыллара балаһыанньаны мүлүрүппүтэ биллэр. Ол “булгу кэһэтиэхтээх, оннубутун булларыахтаах” мунньахтара Бэчээт дьиэтин кыра саалатыгар 3 чаас устата буолбута. Биһиги бары хаһан тахсалларын иһийэ кэтэспиппит. Онтон аан тэлэллэ биэрбитэ уонна Христина Васильевна Канаева (обллит диэн цензураҕа үлэлиирэ) тахсан кэлбитэ, кэбиниэккэ киирбитэ уонна: “Дьэ, Нина… эттэ да эттэ… ама даҕаны тугу эмэ ырыҥалатар буоллахтарына, ылынаа инилэр. ЦК киһитэ соһуйда, бүтэһиккэ Нинаҕа илиитин биэрдэ”,— диэт, ааһа турбута. Оттон биһиги, уу чуумпуга кып-кыһыл болуохпутугар диэри ыгылыйан олорооччулар, саҥата суох эрэдээктэрбитин кэтэспиппит. Сотору тахсан кэлбитэ уонна: “Куока-а (Николай Прокопьевич Васильевы итинник ыҥырара), табаахта…”,— диэбитэ. Кини табаҕы тарпат этэ эрээри, олус долгуйдаҕына, туох эрэ “улахан быһыы” буоллаҕына биир сотону, кэбиниэтигэр төттөрү-таары хаама-хаама, тардар идэлээҕэ. Итинник хартыына хойут, кэргэнэ Н.А.Кондаковка 1990 с. Герой аатын иҥэрэргэ диэн М.Горбачев илии баттаабытын истэригэр хатыламмыта… Уу-хаар баспыт харахтарын кистээбитэ, тугу-у да саҥарбакка нүһэрэн олорбута. Биһиги ити түгэҥҥэ оргууй тахсан биэрбиппит, таһыттан эрэ кэтэһэри, тэйиччиттэн туругун көрөрү ордорбуппут…

Суруйааччылары Нина Иннокентьевна барыларын истэриттэн билэрэ, хас биирдиилэригэр тус сыһыаннаах буолара. Ол күнүскү чэйгэ санаа атастаһыытыгар, бэйэбит мунньахтарбытыгар да ырылхайдык көстөрө. Наһаа сыаналыыра, айымньыларын көтүппэккэ ааҕыталаан баран олорун хаһан да умнубат үгэстээҕэ, санаатар эрэ быһа тардан этэн барара салыннарара. Кини үйэтин тухары итиннигэ. Кэнники кэмҥэ, 80-90-с сылларга Наталья Харлампьева диэн туспа дорҕоонноох бэйиэттээхпитин, кинини өйдүүргэ, ылынарга “ураты таһым уонна толкуй наадатын” эмиэ киниттэн истэн үөрэммиппит. Альберт Бүлүүйүскэйи, Уйбаан Арбыытаны, Сэмэн Дайыылабы, Дмитрий Дыдаайабы, Сааба Тарааһабы ис-иһиттэн долгуйа ахтара бу баарга дылы.

Амма Аччыгыйа урут кэпсиириттэн тугун да уларыппакка ахтарын биһиги отой Нина Иннокентьевна олохтон барыар диэри, түгэн буолла да көрдөһөн истээччибит. “Били… хайдах этэй” диэтэххэ, харахтара чаҕылыһан, сып-сырдык сэбэрэтэ сэгэйэ түһэрэ… Дьиҥнээхтик литератураҕа “подкованнай” буолан ырытара барыта ылыннарыылаах, ырылыччы “кырдьык даҕаны” диэх айылаах кылбара.

ДЬЭЭБЭ-ХООБО ЫЛЛЫГАР

Нина Иннокентьевна куруук этэрэ: “Оо, муҥнаахтар, итиччэ баай тылтан биириттэн эмэни бэриһиннэрбэтэх көнтөрүк дьон буоллахпыат. Хаарыаны, сатыыр буолан баран ойуулаабыт буоллар”,— диэн үгүстүк саҥа аллайара. Оччоҕо соһуйааччыбыт, ама хайаан, кини тоҕо итинник сананара буоллар диэн. Ол бэйэтигэр ирдэбилэ эбит. Оттон атын киһи таба эппитин наһаа сэҥээрэрэ уонна өрө тутан биһириирэ. Ол ордук оонньууга-көргө көстөрө.

Бастаан утаа, 90-с сыллар саҕаланыылара, мин син балачча үлэлээбит кэмим буолан, нэммитин билсибит дьон сиэринэн чугастык алтыһыы аартыгар киирэн эрэр саҕана этэ… Эрэдээксийэбит улааппыта, саҥа сүүрээн эдэр ыччат үксээбитэ. Үлэ күөстүү оргуйбута, тэрээһин үксээбитэ.

Ол түбүгэр сылдьан хаадьылаһабыт. Ону Нина Иннокентьевна наһаа сэҥээрэр. Отой буолбут сабыытыйаны уларыппакка эрэ мэлдьи ахтан кэпсиир, сүргэтэ көтөҕүллэр, күлэр-үөрэр. Мустан олорон дьээбэҕэ тылынан киирсии буоллаҕына сэргэхсийэ түһэр. “Оо, Николай Егорович баара буоллар, туох эрэ диэхтээх буолуо ээ”, — диэн ахтылҕаҥҥа куустарар. Ити кэмҥэ, 80-с сыллар үтүө үгэстэрин салҕаан, бүттүүн эрэдээксийэнэн үгүс командировкалар саҕаламмыттара. Ол уһун айаннарга көр-оонньуу тохтор самыыр кэриэтэ үксээбитэ. Кэлэн баран ол кэпсэлэ, күлүүтэ.

Дьэ, ол сылдьан, кинини бэйэтин дьээбэлииргэ санаммыппыт. Бастаан куттанаммыт, мин буоларбын эппэтэҕим. Ол били баанньык туһунан этэ. Киэһэ наһаа хойукка диэри үлэлиибит. Мин үлэбин барытын бүтэрэн, кини иннинэ барымаары күүтэбин. Киэһэ 8 чаас саҕана, тулуйбакка кэбиниэтин өҥөйөбүн. Олорор. Матырыйаалларын ааҕар, сыымайдыыр. Онтон бэйэм хоспор киирэн баран кини нүөмэрин эрийэн баран, кэлэҕэй соҕус эр киһилии тардыалатан, сөҥ куоласпынан:

— Алло! Бу баанньык дуо?—диибин.

— Суох, хаһыат эрэдээксийэтэ,— холку бэйэлээхтик намылытар. Иккистээн эрийэбин:

— Алло, бу Сынтараалынай баанньык дуо?

— Суох, оҕо хаһыата…—отой кыһаммат.

Өссө эрийэбин:

— Олуо! Бу Сайсаар баанньыга дуо?!

— Суох-суох, хаһыат диибин ээ,— син биир кыһаммат.

Мин ыксыыбын. Туох ааттаах диэн бэйэм ыгылыйабын. Ол да куоласпар бэриллэр быһыылаах:

— Өллүөө!!! Бу Оробуоч-чай дуо? Баанньык дуо?! Тиийэбин дуо?!—диибин.

— Бэйи эрэ, иһит эрэ! Бу оҕо хаһыатын эрэдээксийэтэ. Атын сиргэ сылдьаҕын,— диэтэҕэ үһү.

Ай-йууу! Оргууй хоһугар тэбэн тиийэн өҥөс гынабын.

— Дуся-а, барыахпыт билигин. Ыксыы сатыыбын да, саатар биир итирик киһи сатана… туой баанньыгы сурастаҕа үһү. Эчикийэ, ааҕа билэттиирэ да бэрдэ, — диир.

— Ээ, дуо? — диибин мин, отой субу күлэн тоҕо барыахчабын.

– Ол киһиҥ сахалыы ыйытар дуу, нууччалыы дуу?

Нина Иннокентьевна соһуйан чирэс гынар.

— Онто суох! Бээрэ, хайдах эбитэй… Чэ, уопсайынан, баанньык туһунан ыйыппыта, нууччалыы эбитэ эрэ, сахалыы эрэ, өйдөөбөппүн, — диэтэҕэ үһү!

Онтон 4 сыл буолан баран ити кырдьык арыллыбытыгар наһаа да үөрбүтэ, били тура-тура баанньыгы сураспыт итирик киһитин санаан кэлэ-кэлэ, иэрийиэр диэри күлбүтэ.

— Дьэ, дьикти! Хайдах итинник эйиэхэ сатанарый! — диэн бэркиһиирин кистээбэтэҕэ.

Онтон ыла эрэдээксийэ иһигэр ол-бу бөҕө буолар, “розыгрыш” үксүүр идэлэммитэ. Онно кыттааччылар, сыһыаннаахтар да элбэх. Олор дьээбэлэрин истээри дөрүн-дөрүн: “Хайа, туох сонуннаахпытый”, — диэн мичээрдээччи. Итини истэн кини сынньанара, хойут муодунайдааммыт: “Нина Иннокентьевна, релакс хотите?” —дэһэбит. Оччоҕо түргэн үлүгэрдик кумааҕытын туора уура охсор, оҕо курдук: “Дабаай, дабаай, киириҥ!” —диэт, аттыгар турар чаанньыгын үрдүгэр түһэрэ бу баарга дылы…

Дьэ, онон дьээбэ-хообо хонуутун хотуттара-тойотторо буолан тураммыт, өр сылларга араастаан “көрүлэппиппит” баара. Хойут ардыгар тутан ылаттыыр буолбута, тута таайара. Таайбатаҕына кыһыйар аҕай этэ, “аныгы сырыыга дьэ бэйи, тутатына таайаа инибин” диэн спортсмен курдук уутугар-хаарыгар киирэрэ. Олус да үчүгэй, өйдөһөр-өйөһөр дьоллоох, үлэниоонньууну арааран биһириир, солотуттан тутулуга суох киһилии сыһыаннаах салайааччылаах этибит!

ИИС-КҮӨС БАСТЫҤА

— Нина Иннокентьевна, эн хаһыакка кэлбэтэҕиҥ буолар туох идэлэниэҥ этэй, — диэн биирдэ ыйыттыбыт.

— Дьэ, диэ. Мин сатаан ыллаабаппын. Онтон атыны тугу баҕарар сатыам эбитэ буолуо, — диэбиттээх.

Ол кырдьыга эрээри ырыа тылын билэринэн тэҥнээҕэ суоҕа. Биһиги ыллыы олорон “тылбытын түһэрэн” кээстэхпитинэ сонно суфлердаан биэрээччи.

Историк идэлээх буолан ити эйгэҕэ тэҥнээҕэ суоҕа. Учуонай таах буолуо этэ.

Суокка-учуокка “чаһы” курдук чуолкайа. Күлээччи: “Холкуос суоччута буоллаҕым дии”, — диэн. Экэнэмиисбуҕаалтыр дьиҥнээҕэ буоларын 90-с сыллар көрдөрбүттэрэ. Кэлэктиибин аһынантаҥаһынан толору хааччыйбыта, оннооҕор биһиэхэ дьиэ бөҕөтүн ылаттаабыта.

Олус үчүгэй уус-уран тыллааҕа. Таах тэлэбиисэр сулуһа: ырытааччы дуу, саамай рейтиннээх биэрии ааптара дуу буолуон сөбө.

Инженер, дизайнер идэтигэр эмиэ чугаһа. Бары өрөмүөнү, уларытыыны-тэлэритиини кини сатыыра.

Сууйар-сотор кистэлэҥин кини билэрэ, ол мындырыттан мэлдьи сүбэлиирэ (олортон мин билэрим элбэх, лүөн ыскаатар бээтинэтин хайдах киһилээбэккэ сууйар ньыматын сатыырым чахчы хайп!). Хайа, оттон иистэнньэҥ киэнэ бастыҥа. Быысапка, оҕуруо анньыыта, баайыытаөрүүтэ, түүлээҕи иистэниитэ… Өрөбүл күннэргэ бэйэтигэр саҥа көстүүмү: бинсээктээх дьууппаны холкутук тиктэн кэтэн кэлэрэ! Онон, аныгы үйэҕэ модельер да буолуо эбитэ ини.

Асчыт буолбута буоллар тугу сатаабата баарай? Кэнники сылларга олус маанылаах сахалыы бүлүүдэлэри бэлэмнээн дьиэтигэр ыҥыран ыалдьыттатара. Кини балыктаах бөрүөгүн, саламаатын, эттээх бэрэскитин сиэбит аҕай көлүөнэ олордохпут!

Онон киһи уһулуччута, дьоҕурдааҕа, сатабыллааҕа, майгылаах бастыҥа диэн баар буоллаҕына, ол оннук далбар этэ диэн Нина Иннокентьевнабытын олус ахтабыт, суохтуубут. Бииргэ эллэһэн уһуннук үлэлээбиппит олохпутугар улахан табыллыыбыт, дьылҕабыт ирээттээбит дьоло. Кини туһунан ахтыы бүппэт, биир сурунаалга баппат. Ол барыта сүрэхпитигэр иҥмит сып-сылаас иэйии буолан ахтылҕан сылаас тыынынан илгийэр…

Евдокия ИРИНЦЕЕВА-ОГДО

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Модун санаалаахтар

Сэрии сылларыгар тыылга төһүү үлэһит күүһүнэн эр дьон оннугар дьахталлар хаалбыттара. Салайааччыттан саҕалаан дьиэ хаһаайкатыгар тиийэ бары ийэлэр, эдэр кыргыттар, оҕолор алдьархай ааҥнаабытын, дойду...

«ДАЛБАР ХОТУН» Төҥүлүгэ

Ахсынньы 12 күнүгэр "Далбар хотун" сурунаал Төҥүлү нэһилиэгин "Доруобуйа" түмсүү далбардарын кытта көрүстэ. Бу күн олохтоохтор сурунаал үлэһиттэрин "Сайдам" общественнай түмсүү дьиэтигэр үөрэ-көтө көрүстүлэр....

Нартахова үрдүк анала

Саха дьахтар таҥаралаах дииллэринии, былыргы дьыллар мындааларыттан бу баччаҕа диэри саха дьахтарын тулуура, олоххо дьулуура, киэҥ эҥсиилээх сатабыллаах толкуйа, кытаанахтан чаҕыйбат хорсун санаата, нарын...

Балаҕантан – олох инники күөнүгэр

Национальнай ар­хыып пуондатыгар Саха сиригэр өрөбө­лүүссүйэ хамсааһы­ныгар, Сэбиэскэй бы­лааһы олохтооһуҥҥа көхтөөх кыттыыны ылбыт, холкуоста­ры тэрийсибит, таһаарыылаахтык үлэ­лээбит-хамсаабыт, итиэннэ эппиэттээх салайар үлэҕэ тахсы­быт тыа сирин...

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...