Этэрбэс тигээччи Агафья

Дьоруойум Агафья  Романова  унтууну тигиинэн дьарыктанар, “Саха булт”,  “Сардаана” курдук бөдөҥ тэрилтэлэргэ  үлэлээбит  үөрүйэхтээх маастар.    Түүлээх таҥаһы тигии ымпыгар-чымпыгар быһаарсар  иистэнньэҥи  кытта,  унтууга  хайдах тыс ордук барсарыттан  саҕалаан көрүү-харайыы туһунан  эмиэ  кылгастык   кэпсэттибит.  

Агафья, тыһы бэйэҥ имитэҕин дуо?  Быһаарсыбат дьон хайдах тыһы талалларыгар сүбэлиэҥ этэй?

–  Суох  имиппэппин, аныгы үйэҕэ  тириини имитиигэ, ыраастааһыҥҥа туттуллар араас технологиялар бааллар.  Билигин илиинэн  имитиллибит тыс суоҕун кэриэтэ. Ону ордук хоту олохтоохторо сатыыллар. Сорохтор суораты эҥин биһэн имиппит буолааччылар.  Оннук тыс хайыта  барар, сыттанар уонна  кэлин  көйүүр уйата буолуон сөп.  Ол иһин, дьиэҕэ ыраастаныллыбыт, имитиллибит  тириинэн  үлэлиирбин сөбүлээбэппин.

Оттон хайдах тыһы талар ордугуй диэн ыйытар буоллаххына,  бастатан туран, үчүгэйдик имитиллибит буолуохтаах. Иккиһинэн, сиппит-хоппут кыһыҥҥы тыс буолара ордук. Оччоҕо эрэ унтуу сылаас уонна үйэлээх  буолар.  Оттон  сайыҥҥы тыс түүтэ чап-чараас, туртас тириитин курдук    ньап-ньалхаархай буолааччы. Оннук тыһынан  тиктэххэ   сиигэ эҥин көстө сылдьыан сөп. Ону таһынан,  дьиэ табатын тыһа   кыыл табатааҕар бөҕө уонна сылаас буолар диэн ааттыыллар.  Кыыл таба тыһа   таракаан өҥүн курдук кытархай  уонна чараас буолар эбит.

Дьахтар уонна эр киһи унтуутугар   быһа холоон  төһө тыс барарый?  Арааһа, массыынан тигэриҥ буолуо дии?

–  Дьахтар унтуутугар улахан тыс буоллаҕына  10 устуука,  кыра буоллаҕына  12 сөп буолар.  Оттон эр киһиэхэ  12 устуука тиийэр.  Мин аналлаах массыынанан тигэбин. Унтуу хаачыстыбата  илиинэн да, массыынанан да тигииттэн   тутулуга суох. Манна  тыс хаачыстыбата улахан оруоллаах.

Унтуу иһинээҕи хаттыгын тугунан тигэҕин?

–  Үксүн дьиҥнээх  сукуна матырыйаалы туттабын.  Маннык истээх унтуу биһиги кыһыммытыгар олус сылаас уонна  ньаппайан хаалбакка тура сылдьар буолар. Сорох дьон саппыкы курдук чарааһы баҕарабыт диэччилэр, оччоҕо  баайкабай  сукунанан тигэбин. Саржанан эмиэ тигиэххэ сөп. Бу ордук атахтара дьиэктээх дьоҥҥо барсар.

 Оттон улларыытын, киэргэлин ким оҥороруй?

–  Улларыытын унтууһут дьоҥҥо оҥотторобун. Бу эр киһи күүстээх илиитин ирдиир үлэ. Оттон билэтин   бэйэбит дьоммутугар  үлэһэбин. Тоҕо диэтэххэ, саха маастардара хас биирдии оһуор суолтатын сөпкө туттан оҥороллор.  Сорох кытай билэтигэр оһуорбут  таҥнары эҥин сылдьар буолааччы.

Билигин дьон ордук хайдах быһыылаах унтууну  үлэһэрий?

– Дьон баҕатынан хайдах баҕар быһыылаах унтууну тигэбин. Уһун сотолоох  ботфорт саппыкы  курдук унтууну  тобуктарын сүһүөҕэ  ыалдьар дьон эмиэ  тиктэрээччилэр. Аны  билигин  эдэрдиин-эмэнниин истээх ыстаан кэтэр буоллулар  дии.  Ол иһин,  кылгас унтууну үгүстүк үлэһэллэр. Уһуллар билэлээх, тардыы тимэхтээх эмиэ оҥоруохха  сөп.

Түмүккэ унтууну   көрүүгэ-харайыыга тугу сүбэлиэҥ этэй?

– Унтуу төһө уһун үйэлэнэрэ  онтон  эмиэ олус тутулуктаах.  Бастатан туран, оһохтон,  батареяттан  тэйиччи соҕус ууран  куурдуохха наада.   Сорох дьон сайыҥҥы кэмҥэ  салапааҥҥа уган баран ууран кэбиһэбит дииллэр. Сайын устата  оннук  “тыыммакка” сыттаҕына  түүтэ-өҥө мөлтүүрэ саарбаҕа суох. Бастаан щетканан ыраастаан баран  ууга иһит сууйар убаҕаһы кутан, онно тэрээпкэни илитэн сотуохха эбэтэр  таһырдьа таһааран  көмүрүө хаарга эргитэ сылдьан тэбиэххэ  сөп. Ол кэнниттэн киэбин тутарын курдук  иһигэр кумааҕы уган,  туустаах ууга сууллубут  маҥан таҥаһынан  суулаан баран харайар үчүгэй. Маҥан таҥаска көйүүр чугаһаабат диэччилэр.  Эбэтэр хордуон дьааһыкка  көйүүр эмин уган баран сөрүүн сиргэ сайылатар ордук.

 

Венера Охлопкова

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...

Күөрэгэй

Ырыаларым, ырыаларым – Ыллам-дьэллэм тылларым – Үгүс өйү, сүрэҕи Үөрдэ, күүрдэ көҕүтэ, Үлэ, олох күргүөмүгэр Өрүкүйэр күүстээтиннэр. «Хоһооннорум миэннэрэ» Күннүк Уурастыырап Россия уонна Са­ха Республика­тын...

Олоҥхо дьиҥ эйгэтэ — ыал

Өбүгэлэрбититтэн утумнанан кэлбит биир улахан фольклор жанрынан олоҥхо буолар. Олоҥхо кэм тэтимигэр баһыйтаран сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар үгүс үлэ барар. Ол курдук, куонкурустар, бэстибээллэр, күннэр,...

Саҥа дьыллааҕы нүөмэр таҕыста!

Үбүлүөйдээх сылбытын түмүктүүр "Далбар Хотун" сурунаал 8-с нүөмэрэ номнуо таҕыста. Бырааһынньыктааҕы нүөмэргэ ааҕарга тиэтэйиҥ: – "Саха театрын килбиэннээх аата – Евдокия Гоголева" туһунан Валентина Семенова...

Бастыҥ олоҥхоһуттар наҕараадаланнылар

Бүгүн, Олоҥхо күнүгэр, Саха өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын дьиэтигэр Ил Дархан анал стипендиятын аныыр туоһу сурук туттарыы үөрүүлээх түгэнэ буолла. Саха өрөспүүбүлүкэтин баһылыга Айсен Николаев эҕэрдэтигэр...