Бүлүү улууһун I Күүлэт (Уһун) нэһилиэгиттэн төрүттээх билигин Сунтаар улууһун Күндэйэтигэр олорор Юлия Дьяконова байанайдаах булчут. Кини 2001 сыллаахха Күндэйэҕэ таайыгар Филип Егорович Ивановка көһөн кэлэн, Сунтаар сирин дьонун-сэргэтин сөбүлээн олохсуйан олорбута номнуо сүүрбэттэн тахса сыл буолбут. Юлия тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр оҕо эрдэҕиттэн эриллэн, күн бүгүҥҥэ диэри үлэлии-хамныы сылдьар. ДьТХА-гар “Эт, үүт технолога” диэн идэҕэ кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбит. Билигин Күндэйэ агро-оскуолатыгар сүөһү иитиитин үөрэтэр маастарынан үлэлиир. Ону таһынан, кэтэхтэн химия уонна биология учууталын идэтигэр үөрэнэн бүтэрээри сылдьар. Урут да, билигин да булчут дьахталлар тарбахха баттанар ахсааннаах буолуохтаахтар. Онон Юлияны кытта булка хайдах сыстыбытын, кинини ким уһуйбутун, бастакы уонна саамай күндү булдун, сиэр-туом туһунан о.д.а. ирэ-хоро сэһэргэстибит.
Булт диэн тыынар тыыннаах тыыныгар туруу буоллаҕы дии. Онон оҕо төрөтөр аналлаах дьахтар үлэтэ-хамнаһа буолбатах дии саныыбын. Эн хаһааҥҥыттан сааны туппуккунуй?
– Булка тардыһыым оҕо эрдэхпиттэн саҕаламмыта. Таайдарым бары булчуттар, инньэ гынан, оскуолаттан кэлбитим бугул курдук кус бөҕөтө өрөһөлөнө сытар буолааччы. Ону эбэм ыйан эрэ кэбиһэрэ, мин үргээбитинэн, астаабытынан барарым. Хата, сүрэхпэр астарбатахпын диэммин үөрэбин. Улахан таайбын Егор Егорович Ивановы батыһан илимҥэ сылдьыһарым, онтон Анатолий Дмитриевич Руфов диэн күтүөт кэлэн, аны кинини кытта тэҥҥэ тиэхиньикэ хасыһар, булка сылдьыһар буолбутум. Биирдэ күтүөппүн кытта эһэм ампаарыттан былыргы 32 халыыбырдаах сааны булан, сайылыкка Күүлэт сопхуоһун 10 кубтаах сэлээркэлээх систиэринэтигэр быалаан баран түһэрэн кэбиспиппит. Ону күһүөрү хостоон таһааран, сууйан-сотон, дьэбинин ыраастаан үлэлиир гына оҥорбуппут. Онтон-мантан иитиитэ суох ботуруоннары хомуйан, ытан көрбүт күммүн бу баар курдук өйдүүбүн. Саабыт холбуура оһуобай эрээри, былыргы буолан ботуруонун бырахпат этэ. Инньэ гынан, өр толкуйдуу барбакка боробулуоханан чуумпур оҥостон кустуу барбыппыт.
Ол аата булчут таайдарыҥ туйахтарын хатарбыт эбиккин дии.
– Оннук. Үһүс кыыс оҕонон төрөөбүтүм. Онон оҕо эрдэхпиттэн уол курдук хардааччы этим. Таайдарбын, абаҕабын кытта алтыһан, кинилэр такайыыларынан булка сыстаҕас буола улааппытым. Дьиэ иһигэр-таһыгар үлэлиирим быыһыгар улахан дьону кытта куска сылдьыһарым, күһүөрү куобах үүрсэн күүс-көмө буоларым. Аҥардас ийэҕэ иитиллэн, төһө да ыал кыра оҕото буолларбын, бултаан дьоммун аһатабын диэн өйдүүрүм. Бултаан аҕалбыт чыркымайдарбын, куобахтарбын ийэм барахсан тута үрдүгэр түһэн астаабытынан барара. Онтон олус үөрэрим уонна булка тулуурдаах, дьулуурдаах буоларга, дьиэбэр куруук өттүк харалаах, илии тутуурдаах төннөргө кыһалларым.
Аан бастакы уонна саамай күндү булдуҥ туох этэй?
– Аан бастакы булдум чыркымай, оттон саамай күндүм – киис.
Кыылы-сүөлү аһыммаккын дуо?
– Дьахтар буоларым быһыытынан аһынар бөҕө буоллаҕа дии. Ол гынан баран, бултуур кэммэр улаханнык кыһаллыбаппын.
Ордук соҕотоҕун сылдьаргын ордороҕун дуу? Эбэтэр аргыстаах сылдьаргын сөбүлүүгүн дуу?
– Сааскы куска соҕотох сылдьааччыбын. Таайым чугастыы дурда бэлэмнээн абырыыр. Мин тыыбын, мончуукпун бэринним да барабын. Сайын оттооһун, сир аһын хомуйуу үлэтэ үмүрүйүүтүн саҕана саамай күүтүүлээх бултуур кэмим кэлэр. Үлэни бүтэрэ охсон күһүҥҥү куска, куобахха барбыт киһи диэн өйгө-санааҕа сылдьар буолабын. Үксүн соҕотох сылдьарбын ордоробун. Сайылыктан бөһүөлэккэ көһүү, кыстыкка бэлэмнэнии быыһыгар ойуурум, тыам син биир тарда турар. Ханна эрэ баран куобах манаабыт эбэтэр мас көтөрүгэр хаампыт киһи диэн буолааччы. Бастакы хаар түстэ да ыппын кытта бултуу барабыт.
Соҕотох сылдьан бултуургун дьонуҥ утарбаттар дуо?
– Бултуур тэрилбин, тиэхиньикэбин барытын бэйэм дьаһанар буоламмын уонна илии тутуурдаах, өттүк харалаах кэлэрбин күүтэллэр, ол иһин утарбаттар. Хайа диэки барарбын эрдэттэн сэрэтэбин.
Сиэри-туому тутуһар буолуохтааххын, туох эмэ үгэстээххин дуо?
– Ханна да сырыттарбын аал уоппун, сирбин аһата, көрдөһө сылдьабын. Өбүгэлэрим аттыбар сылдьан араҥаччылыыр курдуктар.
Дьахтар үүтээнигэр туох баар буолуохтааҕый?
– Үүтээннэнэр курдук ыраах барбаппын, аныгы киһи сиэринэн тиэхиньикэнэн син ыраатабын. Көлөбүн аартыкка хаалларан баран ыппын кытта сатыы сылдьабын. Үүтээҥҥэ иһит- хомуос, испиискэ, оттор мас, ас мэлдьи баар буолуохтаах.
Усулуобуйата суох сиргэ-уокка хайдах дьаһанан, тулуйан сылдьаҕын?
– Төһө кыалларынан эрдэ хомунан, тэринэн бара сатыыбын. Массыынабын сапараапкалыыбын, күлүүстэрбин, сүгэбин, күрдьэхпин уктабын. Испиискэни инчэйбэтин курдук суулуубун уонна компастаах, уулаах, өйүөлээх айаҥҥа турунабын. Эппитим курдук, дьоммор ханнык хайысханан барарбын этэбин. Булт миэхэ нууччалыы эттэххэ “приятное с полезным” буолар. Айылҕаҕа сылдьарбын туохтааҕар да ордоробун. Онон, усулуобуйаны эҥин олох аахсыбаппын.
Хас саалааххыный?
– Билигин икки саалаахпын: “armsan” диэн 12 халыыбырдаах турок саата уонна МР-153 диэн эмиэ 12 халыыбырдаах саа.
Эр дьон байанайдара бэрсээри гыннаҕына сыгынньах дьахтары түһүүллэр дии. Оттон эйиэхэ байанайыҥ хайдах биллэрий?
– Мин улахан булка сылдьа иликпин ээ. Көтөр-сүүрэр, кыыл-сүөл арааһа түүлбэр киирэн, киинэ курдук көстөөччүлэр.
Тыаҕа сылдьар киһи хараххынан айылҕабыт туруга хайдах буолбутуй?
– Икки атахтаах ханна тиийбэтэҕэй баарый? Аныгы дьон улахан тиэхиньикэнэн сылдьаллар. Былыргы суол-иис дьөлүтэ тэпсиллэн, эбиитин айылҕабыт силлиэ ааспытын курдук ото-маһа сууллан, солоон ааспыт сирдэр эмиэ бааллар. Сорох күөллэр аһара угуттаан оттуур сыһыылар ууга баран, кытыы турар мастара өлөн, хатан тураллара дьулаан көстүү. Айылҕа бэйэтин оһорунар дииллэр эрээри, кэнники кэмҥэ айылҕаҕа улахан болҕомто ууруллубат буолла дии саныыбын. Сопхуос саҕана оттуур сир оҥоһуутунан дьарыктанар күөл хорооччулар эҥин баар эрдэхтэринэ, сир-дойду барыта оттонон, көрөр-истэр хаһаайыннаах буолан чэлгийэ, чэчирии турдахтара дии. Билигин ол күөллэр, сыһыылар оттоммокко, оҥоһуллубакка иччитэхсийэн тураахтыыллар. Онон барытын тоҕута тэпсэн алдьата сылдьыбакка, сирбитин харыстыы сылдьыахха, ходуһалары сөргүтэн оҥоруохха, иччитимситимиэххэ диэн бар дьоммун ыҥырыам этэ. Сирбитин төһөнөн харыстыыбыт, бэрийэбит да уон оччонон баайыттан бэрсэ туруо буоллаҕа.
Оттон балыктыыгын дуо?
– Бүлүүттэн төрүттээх буоламмын, балыктыырбын эмиэ олус сөбүлүүбүн. Дьыл хайа да кэмэ буоллун, куруук собо сиэхпин баҕарабын. Сайылыкпар таҕыстым да чугастааҕы көлүкэбэр илиммин үтэ охсобун, сайылыгым дьонун минньигэс балыгынан күндүлүүбүн.
Түмүккэ ааҕааччыларга баҕа санааҕын истэбин.
– Үүнэр көлүөнэбитин, кэнчээри ыччаппытын уһуйан, көтөрү-сүүрэри, тыынар-тыыннааҕы ытыктыыр, кинилэргэ сүгүрүйэр гына иитэн-такайан таһаарыахха. Айылҕабытын ытыктыахха, харыстыахха. Иэйиэхсиккит эҥэрдэстин, байанайгыт батыстын!
Венера Охлопкова