Саас эрдэ саҥа, намчы лабааларын, ситэ илик туораах сүрэхтэрин, үнүгэстэрин, хаппыт дабархайын хомуйаллар. Балартан аскарбыына аһыытын, эпиир арыытын, «пинабин» диэн эми оҥороллор. Пинабин убаҕаһы таһаарар, чарааһы, хаба5ы, бүөрү сымнатар, ыарыыны көбүтээччи бактыарыйалары аччатар, таас үөскүүрүн утарсар. Отоһуттар харыйа иннэтин уутунан цингэни эмтииллэр. Туораах уонна намчы лабаа уутун тымныйыыга, сөтөлгө, бэл, сэлликкэ туһаналлар. Аны, сылаас ууга кутан сүһүөҕу, сис ыарыытын угуттууллар. Уу үөскүүрүн, ымынаҕы эмиэ тохтотоллор. Хаппыт дабархайын мэлийэн баас ириҥэтин таттараллар. Хатырыгын уонна дабархайын оргутан, ол сылааһыгар тыынан олохсуйбут сөтөлу хоннороллор. Онтон субатын утах оҥостон искэннэри таттарарга, сэбиргэхтэтиигэ иһэллэр. Чэгиэн-чэбдик буолуҥ!