Биир идэлээхпит, суруналыыс Полина Николаева куораттан тыа сиригэр көһөн олорбута төгүрүк биэс сыл буолла. Кини тус холобурунан тыа сиригэр сүөһү-ас тутан, сайынын оҕуруот аһын олордон олоруохха сөбүн көрдөрөрүн таһынан, бэйэтэ этэринэн “дьиҥнээх олох диэн тыа сиригэр баар”. Кэргэнин, оҕолорун кытта Хаҥалас улууһун Хоточчутугар бур-бур буруону унаарытан, толору олоҕу билэн олороллор. Кинилэр иитэр сүөһүнү күрүөлээн олороллор, ону сэргэ сыспай сиэллээҕи эмиэ туталлар. “Ол гынан баран сылгыны эбии дьарык быһыытынан тутабыт. Үс сыллааҕыта хара дьүһүннээх биэлэрбитигэр хара атыыры ылбыппыт. Киһи көрөн астынар”,- диир Полина Михайловна.
Саха ыала хаһан баҕар ыалдьытымсах буолар, ол сиэринэн кинилэр тыа олоҕун билсиэн баҕалаах дьоҥҥо ааннара аһаҕас. Соторутааҕыта куорат оҕото кинилэргэ биэс күн буолан, айылҕаҕа күөлэһийэн, хотон үлэтэ диэн тугун көрөн-истэн барбытын туһунан куйаар ситимиттэн астына аахпыппыт. Бу курдук агротуризм тэрийэр киһи олус үчүгэй буолуо этэ диэн оҕо ийэтэ баҕа санаатын эппит этэ. “Биһиги агротуризм диэн тэриллиибит суох, көннөрү баҕалаах дьоҥҥо тыабыт сиригэр олорор үтүөтүн итэҕэтэбит”, — диир тыа сирин өрө тутан олорор хаһаайка.




