“1988 сыллаахха ийэм миэхэ тарбыйахтаах ынах биэрбитэ. Бэйэтэ үтүө санаалаах, сайаҕас тыллаах-өстөөх саха мындыр дьахтара этэ. Кини ол сүөһүтүн биэрэригэр баайа туран: «Сүөһү төрдө буол», — диэн алҕаабыта. Ол алгыһа тиийэн, сүөһүбүт кэлээт даҕаны барыта тыһы ньирэйдэри төрөөн барбыта, биирдэ да оҕустамматаҕа. Инньэ гынан биир да сүөһүбүтүн өлөрбөккө, төбөбүт ахсаанын элбэтэр эрэ туһугар үлэлээбиппит”, — диэн ахтар СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо Анна Трофимовна Семенова. Кинилэр дьиэ кэргэннэрэ “Булгунньахтаах” бөдөҥ бааһынай хаһаайыстыбаларыгар билигин 400 тахса хороҕор муостаахтар.
“Далбар Хотун” сурунаал хас нүөмэрин аайы тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар, бар дьоҥҥо үтүө холобур буолар улахан дьиэ кэргэн Ийэлэрин туһунан таһаарарын билэҕит. Билигин бэлэмнии сылдьар алтыс нүөмэрбитигэр ити үөһэ ахтыбыт биир тарбыйахтаах ынахтан сириэдийэн тахсыбыт хаһаайыстыба күөстүү оргуйар олоҕун кытта билсиэххит.




