Чааганы сахалар былыр-былыргаттан билэллэрэ уонна чэй оҥостон куруук иһэллэрэ. Чаага — эмэҕирэн эрэр, эбэтэр сиппит хатыҥҥа үүнэр тэллэй бииһэ. Хара өҥнөөх. Иһэ кугас, хараҥа араҕас буолар. Чаага араас кислоталарынан (кииһилэ, кымырдаҕас, уксус, ванилин, арыы, тетрациклин) баай, күл, калий онтон даҕаны араас киһиэхэ туһалаах битэмииннэринэн толору. Чааганы сылы быһа хомуйуохха сөп эрээри, ордук саас, күһүн хомуллубута үчүгэй. Чаага күүстээх эмп. Бэл IV турукка тиийбит куһаҕан искэннэри таттарарга оҥоһуллар птерин диэн эттик баара биллибит. Оттон саҥа тахсан эрэр искэннэргэ, куртах ыарыыларыгар, полипозка о. д. араас ыарыыларга тиһигин быспакка эмтэннэххэ олус туһалаах. Аллергията, дьаата суох буолан Орто саастаах оҕолорго эмиэ тутталлар. Айылҕа бэлэҕин чааганы туттуҥ, туһаныҥ.