Сиргэ түспүт сэрэбиэй, окко түспүт оҥоһуу
Өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннаһыгар сыһыаннаах уонна суолталаах үлэлэргэ кэрэ-бэлиэ суолу-ииһи хаалларбыт дьоннорбут ортолоругар ньурбалартан Дора Самуиловна Жиркова, Анастасия Петровна Данилова, Александра Яковлевна Овчинникова уонна Варвара Андреевна Петрова курдук дьахтар-салайааччыларбыт сырдык ааттара, чолбон сулус курдук, ала-чуо үрдээн, чорбойон көстөр. Бүгүн биһиги олортон биирдэстэрин — биллиилээх уопсастыбаннай, политическай диэйэтэл, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитин, икки Бочуот знага уордьан кавалерын, Саха Өрөспүүбүлүкэтин, Абый, Муома, Горнай, Ньурба улуустарын бочуоттаах олохтооҕун, Ньурба улууһун чулуу кыыһын, Үөдэй нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕун ааттарын сүгэр чиэскэ тиксибит, олоҕун бар дьонугар анаабыт Варвара Андреевна Петрова — туһунан кэпсиэхпит.
Бүлүү педучилищетын кэнниттэн саҥа учууталлаан эрэр кыыһы тута бэлиэтии көрөннөр комсомолга, онтон салгыы салайар үлэлэргэ үүннэрэн-үрдэтэн барбыттара. Сэбиэскэй кэм айар-тутар тыынын, оччотооҕу күүстээх көлүөнэ олоҕу тупсарарга үрдүк дьулуурун, дьаныарын уонна кыаҕын ис-хааныгар ыга иҥэриммит эдэркээн Варвара киһи уонна салайааччы быһыытынан эриллэн-мускуллан, иитиллэн, буһуу-хатыы оскуолатын ити кэмнэргэ ааспыта.
Ол курдук, үлэ үөһүгэр оройунан түһэн, Горнайга партия райкомун иккис сэкирэтээринэн, Муомаҕа, Ньурбаҕа оройуоннааҕы Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн, Муомаҕа партия райкомун бастакы сэкирэтээринэн, Абый, Ньурба улуустарын баһылыктарынан, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар САССР Үрдүкү Сэбиэтин X, XI, XII ыҥырыыларын уонна СӨ Ил Түмэнин дьокутааттарынан, экэниэмикэ миниистирин солбуйааччынан, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин сүбэһитинэн сынньанар-олорор диэни билэн көрбөккө, барыылаах ат тэппит атаҕын кубулуппатын тэҥэ, 40-тан тахса сыл дириҥ хорутуулаахтык, дьон өйүгэр-санаатыгар иҥэрдик, “Варвара Андреевна дуо” дэтэн, үрүлүйэ үлэлээбитэ. Ил Түмэн бастакы ыҥырыытын уос номоҕор киирбит чаҕылхай дьокутааттарын кэккэтигэр сылдьан Варвара Петрова өрөспүүбүлүкэ суверенитетын олохтоспута, Төрүт Сокуонун төрүттэспитэ — умнуллубат устуоруйа.
Ханна да олордор, үлэлээтэр, дьон туһугар тахсыылаах үлэтинэн, кытаанах хонтуруолунан, сиэрдээх сыһыанынан, эр киһилии туруору, кимтэн толлубат хорсун майгытынан, кэтэх санаата суох, кырдьыгы көнөтүнэн сирэйгэ этэринэн, ырааҕынан эҥсэр сахалыы сытыы толкуйдааҕынан уратылааҕа. Бэйэтэ миэхэ үйэ чиэппэрин анараа өттүгэр биэрбит интервьютун кэмигэр этэн аһарбытыныы — “эбээн”: сөбүлээбэтэ да, сонно тута «быһыччатын” “ойутан таһааран», миэстэтигэр быһаарсан кэбиһэрин итиэннэ кимиэхэ да, туохха да иэhэ суох сылдьарын сөбүлүүр киһи этэ. Онон Варвара Андреевна хайа да бэйэлээх дьахтартан – ураты, хайа да салайааччыттан эмиэ – ураты.
Киһи бу олоххо туохха эрэ аналлаах кэлэр. Варвара Андреевна айыллан кэлбит айылгыта, сиргэ түспүт сэрэбиэйэ, окко түспүт оҥоһуута — бар дьонугар бас-көс, суон дурда, халыҥ хахха, Ийэ Хотун буолуу диэн. «Салайааччыны отунан-маһынан оҥорбоккун” дииллэрэ кырдьык курдук — айылҕа бэйэтэ анаан айан-чочуйан бу Сиргэ аҕалар эбит.
Варвара Андреевна үлэтин суолугар чэпчэки кэм диэн суоҕа. Сэбиэскэй да кэмҥэ, саҥа да кэмнэргэ. Ордук икки үйэ ыпсыытын кэминээҕи уустук уларыйыылары-тэлэрийиилэри чугуйбакка ылыныыта, ону бар дьонун туһугар үүннээн-тэһииннээн, салайааччы буолуута кини туһунан элбэҕи этэр. Төһө да ити кэмнэр дойдуга уустук уонна бутуурдаах-мөккүөрдээх буоллаллар, кини салайбыт улуустара өрүү үчүгэйдэр ахсааннарыгар сылдьаллара. Салайааччы олоҕу кытта тэҥҥэ үктээн, сороҕор күөйэ да дьаһанан, өрүү дьонун-сэргэтин олоҕун өрө тардар, кэскилгэ туһулуур суолу тутуһара.
Ити кэмнэр тустарынан Варвара Андреевналыын биирдэ анаан үлэсиһэн, көрсөн, кэпсэппиттээхпит. Ол ыраатта – бэлиэр үйэ чиэппэрэ буолбут эбит. Бу кэпсэтиибитинэн «Саха сирэ» 2000 с. кулун тутар 11 күнүнээҕи нүөмэригэр тахсыбыт интервьюга баар кэпсэтиигэ төннө түһэн, кыра түгэҥҥэ саха биир чулуу, дьоһун дьахтар-салайааччытын кытта субу кэпсэтэ олорор курдук сананан ылыаҕыҥ…
2000 сыл этэ. Таһырдьа — эрдэтээҥи саас. Биир да былыта суох чэмэлкэй халлааҥҥа күндэлэс күн дэлэгэйдик чаҕылыйа тыгара. Дьахтар күнүн арыый иннинэ Бэчээт дьиэтиттэн киин куорат Кулаковскай уулуссатыгар турар “САПИ» дьиэтигэр тиийбитим. Онно баар Ньурба улууһун бэрэстэбиитэлистибэтин хоһугар Варвара Андреевна бэлиэр күүтэн олороро. Итии чэй куттаран олорон, дойдубут туһунан кэпсэтэн барбыппыт. Ол кэпсэтиибит сыыйа кини үлэтигэр, тоҕо уонна хайдах салайааччы буолбутугар, тус салайар ньыматын, дьиэтээҕи олоҕун, оҕо сааһын тула иэҕиллибитэ…
Эдэр эрдэххэ Горнайга олохсуйуох санаа баара…
— Бүлүү педучилищетын кэнниттэн Бүлүүгэ райкомолга иккис секретарынан үлэлээ диэбиттэрин, аккаастаабытым. Ньурбаҕа төннөн, дьоммор көмө буолаары, үөрэммит оскуолабар учууталлыы кэлбитим. Онно үлэлээн эрдэхпинэ, нэһилиэк комсомольскай секретарынан, онтон хас да нэһилиэк холбоспут бөдөҥсүйбүт “Карл Маркс” колхуоска босхоломмут секретарынан талбыттара. Өссө педучилищеҕа 18 састаахпар партияҕа киирэргэ мэктиэлээбиттэрэ. Ньурбаҕа үлэлии сырыттахпына, партияҕа киллэрбиттэрэ уонна хаалыылаах колхуоска комсомол босхоломмут секретарынан ыыппыттара. Дьэ, итинтэн ыла салайар үлэҕэ идэтийэн үлэлээн барбытым.
Онтон колхуоспут ночооттоох буолан, каадырдары сарбыйдылар. Онно түбэһэн Күндээдэ нэһилиэгэр тахсан учууталлаатым. Арай 1959 с. биир күн райкомоллар ыҥыртаран ыллылар. Новосибирскэй к. Үрдүкү партийнай оскуолаҕа ыытарга быһаарбыттар. Красноярскайга, онтон Новосибирскайга көhөн үөрэнэммит, 1963 сыллаахха бүтэрбиппит. Мин саамай эдэрдэрэ, 23-м эрэ этэ. Оччолорго эдэр оҕону Үрдүкү партийнай оскуолаҕа ыытыы суох этэ. Үөрэҕим кэнниттэн Обкомҥа тыа хаһаайыстыбаын отделын сэбиэдиссэйин солбуйааччынан анаабыттара. Ол саҕана Обком бастакы секретара А.И.Михеев этэ.
Горнай оройуонун Орджоникидзе оройуонуттан 1965 сыллаахха араарбыттарыгар тохсунньу оройугар Горнайга райком иккис секретарынан ыыттылар. Ол күһүнүгэр, Ньурбаттан төрүттээх, Педучилищеҕа бииргэ үөрэммит уолбар, Васильев Степан Герасимовичка, кэргэн тахсыбытым. Манна биһиги бэркэ олорон испиппит. Оччолорго эдэр эрдэххэ хайдах эрэ Горнайга олохсуйуох санаа баара, олохтоох миэстэбин булбут курдук сананар этим. Онно баран 10,5 сыл үлэлээбитим.
Варвара Андреевна ити кэмнэргэ 1973 с. Дьокуускайга Тыа хаһаайыстыбатын техникумун бүтэрбитэ, салгыы 1979 с. СГУ зоотехник идэтиин ылбыта. 1975 с. үлэтигэр уопуттаах, бэриниилээх диэннэр кинини Муомаҕа райсовет бэрэссэдээтэлинэн үлэлэтэ ыыппыттара.
Абый, Муома быыстарынан
Аҕыйах сыл буола-буола атын сиргэ, caҥа үлэҕэ, саҥа дьоҥҥо көһүү xahaн баҕарар ыарахан этэ. Муомаҕа, Эдьигээҥҥэ райсовет бэрэссэдээтэлинэн ыытаары гынар этилэр. Аныгыскы быыбар тиийэн кэлбитигэр аны: “Муомаҕа бар”, — диэтилэр. Хайа муҥун аккаастыахпыный, 1975 сыл бэс ыйыгар быыбарданан, Муомаҕа көстүм. Онно баран сэттэ сыл үлэлээбитим. Ол саҕана Муома хаалыылаахтар ахсааннарыгар баара. Тутуу бөҕө ыыттаран, дьоннуун бэркэ тапсан үлэлээбиппит.
Муомалар ахталларынан, Варвара Андреевна улууһу уопсайа 12 сыл салайарыгар өрөспүүбүлүкэҕэ эрэ буолбакка, бүтүн Сойуус үрдүнэн аатырдыбытын күн бүгүнүгэр диэри кэрэ кэпсээн оҥостоллор. Бииргэ үлэлээн ааспыт дьон кинини дьоһуннаахай салайааччы эрэ буолбакка, истик доҕор, табаарыс, дьүөгэ буоларын бэлиэтииллэр. Били Долгунча кыыс туһунан ырыаҕа курдук, Балбаара “Абый, Муома быыстарынан сыыдам табатын ньуоҕулаан сындыыс курдук көтүппүт” номоххо киирбит кэмнэрэ хотугу дьон сүрэҕэр өрүү тыыннаах.
— Ити кэмнэргэ Ньурбаттан Н.Н.Лыткин Үрдүкү Сэбиэккэ үлэлии кэлбит этэ. Онон ньурбаларга аны бэрэссэдээтэл наада буолбут. Ньурбаҕа дьахтар-салайааччыны билиммэт өй-санаа баһыйбыт сирэ этэ. Аны туран улахан улуус, бэйэм төрөөбүт дойдум буолан уустугурда санаан, аккаастаатым. “Барбат буоллаххына, Муомаҕар хаал”, — диэтилэр. Хайыахпыный, дойдубар барарга сөбүлэһэр буоллум. 1982 сыллаахха Ньурбаҕа райсовет председателинэн талылан, эмиэ — көһүү. Үлэ бары хайысхатыгар балачча хамсааһыннар тахсан испиттэрэ.
Манна үс сыл буолбутум кэннэ 1985 с. “Муомаҕа ССКП райкомун 1 секретарынан бар”, — диэтилэр. Муомаҕа үлэлии олорбут Л.Н.Григорьева Үрдүкү Сэбиэккэ үлэлии кэлбит этэ. Ньурбалар “кыайбакка барда”, муомалар “төннөөхтөөн кэллэ” дииһилэр, онон “барбаппын” диэн, аккаастаан кэбистим. “Салайар үлэҕэ уопуттааххын, муомалар эйигин ыҥыраллар, партийнай үлэ советскай үлэтээҕэр үрдүк”, — диэн, ССКП Обкомун I сэкирэтээрэ Ю.Н.Прокопьев ыҥыран ылан: “Бюроҕа кэлэҕин, сарсын Муомаҕа көтөҕүн”, — диэн кэбистэ. Оннук быһаараннар Муомаҕа көтөн хааллым. Оройуонум да, оҕонньорум да билбэттэр — председателлэрэ ханна барбытын. Сарсыныгар пленумҥа талан кэбиспиттэрэ. Эмиэ – көһүү.
Муомаҕа партия райкомун бастакы секретарынан биэс сыл үлэлээбитим кэннэ САССР Үрдүкү Сэбиэтин XII-с ыҥырыытын дьокутатынан (1990-1992 сс.) талбыттара. Бэйэни салайыныы, Сэбиэттэри кытта үлэ, иһитиннэрэн-биллэрэн иһии комиссиятыгар бэрэссэдээтэлинэн бастайааннай төрүккэ үлэлээбитим. Ол саҕана сопхуостар, Сэбиэттэр ыһыллыылара, партия урусхалланыыта, уларыйыы-тэлэрийии саҕаланан эрэр кэмэ этэ.
Биирдэ 1992 с. сессия ыытаары Тааттаҕа тахса сырыттахпына, Президент М.Е.Николаев ыҥыртаран ылла. «Абыйга оройуон баһылыгынан бараҕын, табыллыбатылар, хоту үлээбит уопуттааххын”, — диэн, арай, Ыйаахха илии баттыы олорор. Сессиям кэнниттэн массыынанан айаннаан Ньурбаҕа киэһэлик тиийдим. “Сарсыарда Абыйга көтөбүн», — диэтим. «Хайдах ол курдарыта көттүҥ?”, – диэн буолла. Ыйаахпын көрдөрдүм. Ол кэннэ – эмиэ көһүү.
Абыйга үлэлии олордохпуна, Абый, Муома, Аллайыаха, Үөһээ, Аллараа Халымалар улуустарыттан дьокутаакка туруорбуттара. Биэс кандидаттан иккис туурга хаалан киирсэн, Ил Түмэн дьокутаатынан талыллыбытым. Ону билигин сөҕөбүн ээ: быыбар хампаанньатыгар итиччэ ыйтан ордук кэмҥэ айаны-сырыыны хайдах уйан сылдьыбыппытын.
Киэҥ Ньурбаҕа, төлкө түстэммит сиригэр
Ил Түмэн Бэрэстэбиитэллэрин палаататын дьиэ кэргэн уонна социальнай бэлиитикэ боппуруостарыгар бастайааннай кэмитиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сырыттахпына, 1995 с. аны баһылыктар быыбардара тиийэн кэллэ. Ньурбаттан кэлэ-кэлэ: “Биhиэхэ кэл», — дииллэр. Алта улуус дьонун итэҕэлин ылан баран, баран хааларым табыгаһа суох. Биир өттүнэн бу ыарахан кэм кэлэн турдаҕына, ньурбаларга аккаастаан кэбистэхпинэ, дьонум-сэргэм тэйэн хаалыыһы.“Барабын”, — диэн быһаарынным. Правительствоҕа мин барарбын сөбүлээбэтэхтэрэ. «Эн улахан авторитеттаах киһи баран, хоттордоххуна, хайдах дьокутааттыаххыный, авторитетыҥ түһүө”, — диэн эрийбиттэрэ. “Үчүгэйбин, куһаҕаммын дьон бэйэтэ быһаарыаҕа. Таллахтарына — талыахтара, талбатахтарына — буоллаҕа ол”, — диэн баран Ньурбаҕа бардым.
Баһылыкка үс буолан турбуппут: В.И.Никифоров – үлэлии олорор баһылык, улуус үөрэҕин управлениетын начальнига В.М.Кузьмин. Быыбар түмүгүн кэтэспэккэ, телефону иҥин арааран баран утуйаары сыттым. Арай туран, ааммын тоҥсуйан тиҥийдилэр. Быыбар киин комиссиятыттан 63 %-нан кыайдыҥ диэн этэ кэлбиттэр. «Оoй!… Эмиэ көһөр буолбуппун”, — диэх курдук көһөртөн саллар, ыарыргыыр санаа киирдэ. Оттон кыайбыт буоллаххына, хайыаххыный — барар буоллаҕыҥ дии. «Чэ, сөп!” , — диэн буолла.
Варвара Петрова ити курдук быыбарданан Ньурба улууһугар 1995-2003 сс. үлэлээбитэ. Кини дойдутугар иккистээн эргиллэн кэлэн үлэлииригэр дойду үрдүнэн улахан сатарыйыы кэмэ түбэспитэ. Ыһыллыы салҕанан барарын тохтотон, сопхуостар төһө да эһиннэллэр, көтөр фабриката, Ньурбатааҕы АТП, “Күндээдэ” агрофирма, Маалыкайга сылгы собуота уо.д.а. курдук, наадалаах тэрилтэлэри оннунан тутан хаалларбыттара.
Кини туһунан дьон ахтыыларыгар, араас сылларга тахсыбыт кинигэлэргэ улуус инники кэскилигэр суолталаах “АЛРОСА” АК салалтатын, оччотооҕу Бэрэсидьиэн В.А.Штыровка, правительствоҕа арахсыбакка туруорсан, “Ньурбатааҕы” уонна “Ботуобуйатааҕы” кимберлит трубкаларыттан Накыын алмааһын хостуур Ньурбатааҕы хайа-байытар кэмбинээти (ГОК) 2000 с. атырдьах ыйын 3 күнүгэр үлэҕэ киллэртэрбитин, салгыы Варвара Андреевна 1997 с. компания Ньурба улууһун социальнай экэнэмиичэскэй сайдыытыгар тус кылаатын киллэрэригэр туруорсуутунан, Генеральнай сөбүлэһиигэ икки өттүттэн илии баттаһыы оҥоһуллубутун бэлиэтииллэр. Онон улуус социальнай суолталаах үгүс тутуулара күн бүгүҥҥэ диэри тутулла, туһалыы тураллар, дойдуга, өрөспүүбүлүкэҕэ, улууска үп-харчы киирэр.
Итинтэн салгыы Варвара Андреевна 2003 с. өрөспүүбүлүкэ экэнэмиичэскэй сайдыыга миниистирин солбуйааччынан, 2007 с. Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин сүбэһитинэн ситиһиилээхтик үлэлээн, 2008 с. дьэ, сынньалаҥҥа тахсыбыта.
Сорохтор авторитарнай да, партократ да, «Кыhыл Балбаара” да диэччилэр
Ол кэпсэтиибитигэр Варвара Андреевнаттан дьону салайаргар туох ньыманы туттаҕыный, үлэ киһи тус майгытын уларытыан сөп дуо диэн ыйыппытым.
— Үлэлиир буоллаххына, хаһан да чэпчэки буолбат. Урут барыта эрдэттэн былааннаммыт, чуолкайдаммыт буолара. Оттуккун, уматыккын, аскын-таҥаскын государство аҕалан биэрэрэ. Ону былаан быһыытынан сиэн, туһанан иһиэхтээҕиҥ. Билигин итини барытын эттэһэн-эллэһэн, дакаастаһан, үптээх буоллаххына, бэйэҥ үүт-хайаҕас булан аҕалтараҕын. Онон билиҥҥи кэм, биллэн турар, арыый да ыарахаттардаах.
Ханна да тиийбитим иһин үлэлии сылдьыбыт дьону уларыта-уларыта, саҥаны aҕaлбат идэлээхпин. Бэйэм киирэбин уонна бэйэм тахсан барабын. Оннук буолуохтаах дии саныыбын.
Үлэлиирим тухары киһини хаһан да миэрэлии сатаабат үгэстээхпин. Мөҕөрүн мөҕөбүн, дьыала туһатыгар диэн. Ону да истэр киһини мөҕөбүн, истибэт киһини тарыйан кэбиһэбин. Салалта салайар ньымата ханнык да бириэмэҕэ уларыйбат, биир буолар — атын дьон эйигин ылыналларын, истэллэрин курдук үлэлиэхтээххин. Онуоха авторитарнай да, демократическай да диэн искусственнайдык араарыллыбыт өйдөбүллэр оруолу оонньооботтор. Боростуойдук айылҕаны даҕаны ылан көрдөххө, оннооҕор кымырдаҕас баһылыктаах. Салалта киһитэ син-биир артыыс, суруйааччы, атын идэлээх дьон курдук, салайар-түмэр үлэҕэ талаана тахсар.
Миэхэ хоту үлэлээбит сылларым майгыбар биир бэлиэни хаалларбыттар. “Эбээммин»: сөбүлээбэтим да, сонно тута «быһыччабын” “ойутан таһаарабын», миэстэтигэр быһаарсар үгэстээхпин. Иэhэ суох сылдьарбын сөбүлүүбүн.
1963 сылтан ыла oлox үөhүrэp сырыттым. Үйэм тухары дьон туһугар үлэлээн кэлбитим, кыра да буоллар, кимиэхэ эмит, республика да олоҕор туһаны аҕалбыт буоллахпына — онтон ордук астыныы миэхэ суох. Байар-тайар наадата суох диэн ааҕабын. Сорохтор Петрова ити айылаах үбү-аһы тута сылдьан сиирэ-аһыыра буолуо дииллэр, сорохтор байарга суудайбат диэн сиилиир сурахтара иһиллэр. Үлэҥ баар — үлэлээ. Xapca cуох үлэлээн иһиэххэ. Киhиэхэ үлэлииртэн ордук дyohyйyу суох.
Салайааччы ирдэбиллээх буолуохтаах диэн ааҕабын. Ону сорохтор авторитарнай да, партократ да, «Кыhыл Балбаара” да диэччилэр. Дьыала онно буолбатах — үлэ тyhугаp, дьон туһугар ирдэбил кытаанах буолуохтаах. Ону сөбүлээбэттэр тугу баҕарар этиэхтэрэ. Мин онно суолта биэрбэппин. Кылаабынайа, аралдьыйбакка үлэлиибин, дьыала бара турар, олох тохтообокко инники дьулуруйар. Ол — туохтааҕар да быдан интэриэһинэй, кэрэхсэбиллээх.
Суобаһыргыырым, кэмсинэрим суох
Варвара Андреевна үгүс түбүктээх олоҕун аргыһа Степан Герасимович Васильевтыын тыл быһаҕаһыттан өйдөһөн, уйаннык санаһан, харыстаһан өр сылларга эйэ-дэмнээхтик бииргэ олорон, бу Орто дойду олоҕор дьоллоох ыал этилэр.
— Мин бириэмэм үксэ үлэбэр барар да буоллар, боростуой аhы астыыpбын, таҥaс сиигэ көтүллүбүтүн абырахтыырбын ыарырҕаппаппын. Кэргэним Степан Герасимович барыны-бары oҥорон, бэлэмнээбит буолар. Онон үгүс түбүктэн босхолоон улаханнык абырыыр. Хоту олорор эрдэхпитинэ, иккиэн бултуу барарбытыттан астынар да этим. Дьиэҕэ-уокка налыччы, иирсээнэ суох, холку буоларбытын таптыыбыт.
Дьонум уон биирдэ оҕоломмуттарыттан сэттис оҕонон, 1936 сыл ахсынньы 15 күнүгэр Ньурба оройуонун Үөдэй нэһилиэгэр, төрөөбүтүм. Икки убай, икки быраат икки ардыларыгар улааппытым. Мин иннибэр түөрт кыыс оҕо туораабыт буолан, ким да мин күлүкпүн быhа хаампат этэ. Айбыт аҕабынан — Үөдэйбин, ийэбинэн — Хаҥаласпын.
Аҕам атыгар куруук мэҥэһиннэрэн илдьэ сылдьара. Ол сылдьан көрсүбүт киһитин туһунан ити киһи оннук үчүгэй өрүттээх, үлэһит, хоһуун диэн киһи үчүгэйин эрэ бэлиэтээн кэпсиирэ. Оннук иитэннэр, кимтэн да тутулуктаммат, санаабыппын толорор буола улаатан, кэлин онтум ситэн-хотон испит буолуохтаах. Сөптөөхтүк үлэлээн кэллим дии саныыбын. Суобаһыргыырым, кэмсинэрим суох.
Варвара Андреевна үлэлээн ааспыт кэмнэрин туһунан бэйэтин тус санааларыгар киһи эбэрэ, көҕүрэтэрэ суох. Хайдах баарынан, көнөтүнэн, аһаҕастык. Ньурба улууһуттан тахсыбыт уһулуччу, ураты салайааччы, майгытынан уонна үлэтинэн бар дьонун билиниитин, ытыктабылын ылыан ылбыт Варвара Андреевна Петрова туһунан ахтан-санаан аастахха итинник. Саха биир чулуу кыыһа олорон ааспыт олоҕо, холобур буолар үлэтэ, дьыалата үйэлэр тухары умнуллубакка, үүнэр көлүөнэҕэ суолдьут сулус буола туруоҕа.
Елена ИВАНОВА
Хаартыскалар Ньурба улууһун I Хаҥалас нэһилиэгин В.А.Петрова аатынан түмэлиттэн.