Туойу ыллатар симэхтэр

Аныгы үйэҕэ дьон эҥини айан, толкуйдаан оҥороллор. Бииртэн-биир сонун санаалар олоххо киирэн иһэллэриттэн киһи сөҕөр-махтайар эрэ. Холобур, дьахтар аймах сөбүлээн кэтэр симэҕин оҕуруонан, маһынан эрэ буолбакка, туойунан эмиэ оҥороллор эбит. Ол курдук, харахха быраҕыллар кэрэ көстүүлээх, чөкө оҥоһуулаах, ураты быһыылаах сонун симэхтэри Сунтаар улууһун Маар Күөлүттэн төрүттээх Ольга Борисова айан таһаарар. Кини оҥоһуктарын кэппит кэрэ аҥаардар таҥара табатын курдук тупса түһэллэр диэтэхпинэ, бука, алҕаһаабатым буолуо.

Ольга социальнай педагог идэлээх. Ол эрээри, бу идэтинэн биир да күн үлэлээбэтэх. Төрөөбүт дойдутугар уон сыл оскуолаҕа уруһуй, үлэ, черчение учууталынан үлэлээбит. Бу кэмҥэ кэтэхтэн Намнааҕы педагогическай кэллиэскэ үөрэнэн, эбии үөрэхтээһин педагогун идэтин ылбыт. Ольга имигэс (полимер) туойунан сахалыы моһуоннаах ытарҕалары, илин кэбиһэрдэри, бастыҥалары, ону таһынан, күннээҕигэ кэтиэххэ сөптөөх, аныгылыы моһуоннаах симэхтэри эмиэ оҥорор.

Ольга, хаһааҥҥыттан туойунан дьарыктанаҕын?

– Оскуолаҕа үлэлиир эрдэхпинэ муода устуудьуйата  баар этэ. Онно таҥас кэллиэксийэтин тикпиппит, симэхтэрин имигэс буһар туойунан оҥорбуппут. Ньыматын үчүгэйдик билбэт буоламмыт, сыыһа-халты да буоллар син оҥоро сатаабыппыт. Кэлин балтыларым социальнай ситимҥэ киллэрбиттэрин кэннэ өссө сэргээммин араас отоннору эҥин оҥорон саҕалаабытым. Онтон дьон үлэҕинэн ытарҕалары, моойго, илиигэ кэтиллэр симэхтэри оҥорор буолбутум. Сахалыы оһуордаах ыстаампалары үлэһэммин, билигин ордук онон үлэлиибин.

Маннык көрүөхтэн кэрэ көстүүлээх симэхтэр хайдах «төрөөн» тахсалларый?

– Ньыма элбэх. Симэхтэн саҕалаан эҥин холбукалары, оннооҕор хартыынаҕа тиийэ оҥороллор. Мин аҕыйах ньыманы туттабын, өссө да билбэтим элбэх. Бу туой бэйэтэ пластилин курдук. Тиэстэни хатайдыыр массыына нөҥүө аһардан, араас халыҥнаах быластыыналары таһаарабын. Онно баллырынан оһуор түһэрэбин, киэптиибин, өҥнүүбүн уонна духуопкаҕа 125-130 итиигэ 25-30 мүнүүтэ буһарабын. Оччоҕо муос курдук үйэлээх, тостубат, чэпчэки ыйааһыннаах буолар.

Аан бастакы оҥоһугун туох этэй?

– Сутаж курдук филигрань диэн ньыманан кулуон оҥорбутум. Онтубун биир кыыс атыыласпыта, наһаа сөбүлээбитэ. Ол кэнниттэн үлэххэ оҥоруохпун сөп эбит диэн эрэл кыыма үөскээбитэ. Бастакы үлэлэрим ытарҕа эҥин буоллахтарына, билигин илин кэбиһэрдээх, бастыҥалаах толору симэхтэри оҥоробун. Араас өҥү дьүөрэлиирбин сөбүлүүбүн. Саҥаттан саҥа ньымалары туттарга холонон көрөбүн.

Дьахтар аймах ордук тугу үлэһэрий?

– Илин кэбиһэри. Бэйэм даҕаны сахалыы симэхтэри оҥорорбун сөбүлүүбүн.

Матырыйааларгын хантан ылаҕын?

– Мин туттар имигэс туойум манна атыыламмат. Интэриниэт маҕаһыыннартан кууһунан үлэһэбин. Оттон бытархай эгэлгэтин (фурнитура) Дьокуускайтан атыылаһабын.

Биир симэҕи төһө өр оҥороҕун? Күҥҥэ төһө уһуннук дьарыктанаҕын?

– Хаһы да тэҥинэн оҥоробун. Биир симэх үстэ буһар-хатар буолан, син өр оҥоһуллар. Онтон 2-3 төгүл лаахтыыбын, куурдабын. Бытархайын таҥар эмиэ туспа үлэ. Ол курдук, күҥҥэ быһа холоон, 8-10 ч барар.

Уус киһи туох эмэ албастааҕыҥ, кистэлэҥнээҕиҥ буолуо. Олоргун үллэстиэҥ дуу?

– Баар бөҕө буоллаҕа дии. Хас биирдии маастар биир дьарыгынан өр сыл үлэлээтэҕинэ, үгүстүк туттар албастаах буолар. Мин ол туһунан сүһэн ылыы  уһуйааныгар (маастар-кылааска) кэпсиибин, биир дьарыктаах дьоммун кытта үллэстэбин.

Бу дьарыгын эйиэхэ тугу биэрэрий? Тугун иһин сөбүлүүгүн?

– Оскуолаҕа оҕолору үөрэтэр эрдэхпинэ элбэх дьарыгынан үлүһүйэ сылдьыбытым: иистэниинэн, баайыынан, оҕуруонан, тирии хаппардары тигиинэн. Оттон туойунан сэттис сылбын дьарыктанабын. Олус диэн сөбүлүүбүн, олох хал буолбаппын. Тоҕо диэтэххэ, эйгэтэ киэҥ, киһи куруук саҥаттан саҥаны билэр уонна үйэлээх симэхтэри оҥоробун диэммин астынабын. Киһи сөбүлүүр дьарыгынан барыс киллэриниэн сөп эбит.

Иэйии эйиэхэ хайдах биллэрий? Эйигин туох көҕүлүүрүй?

– Атын маастардар үлэлэрин эбэтэр наһаа үчүгэйдик дьүөрэлэспит өҥнөрү көрдөхпүнэ, сороҕор быыстапкаларга сырыттахпына, сурунаалларга, куйаар ситимигэр симэхтэри көрдөхпүнэ иэйиим уһуктар диэхпин сөп. Эмискэччи киириэн эмиэ сөп. Оччоҕуна тута барыл оҥоро охсобун эбэтэр түмүгүн көрөөрүбүн оҥорбутунан барабын.

Көххүн сүтэрбэт, уостан хаалбат туһугар бэйэҕин хайдах сааһыланаҕын?

– Туойунан дьарыктанар куруук биир буолбатах. Этэн аһарбытым курдук, ньымата элбэх буолан салҕыбаккын. Оттон буксуйдахпына сынньанабын, ханна эмэ айанныыбын, дьүөгэлэрбин кытта көрсөбүн. Оччоҕо киһи сааһыланар дии саныыбын. Маннык кэм миэхэ ордук сайын түбэһээччи. Онон, айылҕаҕа тахсан сынньаннахпына, сир астаатахпына күүһүм эбиллэргэ дылы буолар. Баҕалаах дьону үөрэтэҕин дуу?

– 2019 сылтан сүһэн ылыы уһуйааннарын ыытабын, сүүстэн тахса үөрэнээччилээхпин. Олортон билигин 3-4 киһи идэтийэн дьарыктанар. Өссө да баҕалаах дьон элбэх. Биир уһуйааҥҥа түөрт эрэ киһини үөрэтэбин. Имигэс туой диэни билбэт дьон кэлэллэр уонна 4-5 чаас иһигэр толору симэх оҥорон, үөрэн-көтөн илдьэ бараллар.

Инникитин туох былааннааххыный?

– Үөрэхтэрбин устан, таҥан таһаарбыт киһи диэн былааннаахпын. Бу дьарыкпын кэҥэтиэхпин баҕарабын. Араас атыы-эргиэн былаһааккаларыгар (холобур, маркетплейска) атыылыахпын баҕарабын. Ольга, уран оҥоһуктаргынан кэрэ аҥаардары симии, киэргэтэ тураргар баҕарабын.

 

Бу нүөмэринэн үлэһиэххитин сөп: 8967-914-17-67 «OLGA NIKI» телеграмҥа ханаала.

 

Венера Охлопкова

 

 

spot_imgspot_img

Сэргээҥ

Модун санаалаахтар

Сэрии сылларыгар тыылга төһүү үлэһит күүһүнэн эр дьон оннугар дьахталлар хаалбыттара. Салайааччыттан саҕалаан дьиэ хаһаайкатыгар тиийэ бары ийэлэр, эдэр кыргыттар, оҕолор алдьархай ааҥнаабытын, дойду...

«ДАЛБАР ХОТУН» Төҥүлүгэ

Ахсынньы 12 күнүгэр "Далбар хотун" сурунаал Төҥүлү нэһилиэгин "Доруобуйа" түмсүү далбардарын кытта көрүстэ. Бу күн олохтоохтор сурунаал үлэһиттэрин "Сайдам" общественнай түмсүү дьиэтигэр үөрэ-көтө көрүстүлэр....

Нартахова үрдүк анала

Саха дьахтар таҥаралаах дииллэринии, былыргы дьыллар мындааларыттан бу баччаҕа диэри саха дьахтарын тулуура, олоххо дьулуура, киэҥ эҥсиилээх сатабыллаах толкуйа, кытаанахтан чаҕыйбат хорсун санаата, нарын...

Балаҕантан – олох инники күөнүгэр

Национальнай ар­хыып пуондатыгар Саха сиригэр өрөбө­лүүссүйэ хамсааһы­ныгар, Сэбиэскэй бы­лааһы олохтооһуҥҥа көхтөөх кыттыыны ылбыт, холкуоста­ры тэрийсибит, таһаарыылаахтык үлэ­лээбит-хамсаабыт, итиэннэ эппиэттээх салайар үлэҕэ тахсы­быт тыа сирин...

Москубаҕа Сунтаар оһуокайа дуорайда

Сэтинньи  27 - 30 күннэригэр дойду тэбэр сүрэҕэр Москуба куоракка РФ култууратын министиэристибэтэ, В. Д.Поленова аатынан норуот айымньытын Арассыыйатааҕы судаарыстыбаннай дьиэтэ уонна култуура Арассыыйа национальнай...

“Хаачылааналар” ыалдьыттаатылар

Үйэбит уларыйан дьон-сэргэ атах тэпсэн олорон сэһэргэһиини умна быһыытыйда. Оттон урукку умнуллубут диир үйэбит кэмигэр, көмүлүөк оһох оттуллубут уотун сылааһыгар олорон, кэлбит ыалдьыт кэпсээнин,...

Бүгүн — Хомус күнэ

Бүгүн, сэтинньи 30 күнүгэр, Хомус күнүн бэлиэтиибит. 2011 сыллааха Егор Борисов Ил Дарханынан олорон ол туһунан ыйаах таһаарбыта. Хомус, эбэтэр варган, Аан дойду норуоттарыгар, Хотугу...