Саҥа дьыл өрөбүллэригэр оҕолоргутун, сиэннэргитин минньигэс «уйалары» астаан күндүлээҥ.
Тиэтэтэ: 180 г ынах арыыта, 1 сымыыт, кымаах туус, 5 улахан ньуоска саахар, бурдук. Тиэстэ кытаатыар уонна кыратык үлтүрүйэ сылдьар буолуор диэри мэһий. Бэлэм тиэстэни мясорубкаҕа лапса курдук эрийтэрэбит, уйалары оҥортуубут уонна 180 кыраадыска диэри итийбит оһоххо 15-20 мүнүүтэ буһарабыт.
Буспутун кэннэ үрдүгэр сакалаат ууран (билиитэ сакалаат) уулларабыт уонна өҥнөөх хампыаттары уурталыыбыт. Дьэрэкээн уонна минньигэс ас бэлэм.